2022 сылга Дьааҥы улууһугар доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр икки эбийиэк тутуллар — Хайыһардаахха фельдшерскай-акушерскай пуун уонна Сайдыыга амбулатория. Оройуоҥҥа кадр боппуруоһугар үлэ барар. Ааспыт сылга алта эдэр исписэлиис тиийбит. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр 14 сыаллаах миэстэҕэ дуогабар түһэрсиллибит. Ол туһунан бырабыыталыстыба сыллааҕы отчуотугар этилиннэ.
«Дьааҥы улууһугар киин балыыһа 86 стационарнай куойкалаах, 17 күнүскү стационар куойкалаах, поликлиника 180 миэстэлээх, аныгылыы тэриллиилээх балыыһа, Верхоянскай куоракка туспа балыыһа, 11 фельдшерскай-акушерскай пуун, сэттэ амбулатория үлэлииллэр. Сүрүн соруктара — кадрынан хааччыллыы. Барыта 455 штат баарыгар 358 киһи үлэлиир, онон үлэһитинэн хааччыллыы 76%», — доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева отчуот кэмигэр эттэ.
«Земскэй доктор» уонна «Земскэй фельдшер» бырагыраамаларынан быраас-инфекционист, быраас-хирург, икки учаастак бырааһа, биир ФАП сэбиэдиссэйин дуоһунастарыгар вакансиялар бааллар.
Ааспыт сылга модернизация бырагырааматынан Баатаҕайга уонна Сайдыыга тырааныспар ылыллыбыт. Быйыл — Сартаҥҥа уонна Барылаахха. 2025 сылга диэри — Табалаах амбулаториятыгар, Адыаччыга, Баатаҕайга, Барыласка, Дулҕалаахха.
2021 сылга ыраах сытар аҕыйах нэһилиэннььэлээх пууннар олохтоохторун доруобуйаларын туругун кэтээн көрүүгэ уонна диспансеризацияны ыытыыга анаан көһө сылдьар медицина комплекса ылыллыбыт. Техника кулун тутарга миэстэтигэр тиийиэхтээх.
2022 сылга Хайыһардаахха ФАП уонна Сайдыыга амбулатория тутуллар.
This post was published on 15.02.2022 15:01 15:01