2022 сылга Аллараа Бэстээх - Чурапчы хайысхатынан суолу аспааллааһын түмүктэниэҕэ

Үүнэр сылга «Халыма» федеральнай айан суолугар Аллараа Бэстээх — Чурапчы хайысханан суолу аспааллааһын түмүктэнэр. Ол туһунан «Бүлүү» суол управлениетын салайааччыта Николай Андреев эттэ, суруйар СИА. 

««Халыма» суолга Аллараа Бэстээхтэн Чурапчылыыр кэрчиги тутууну салгыыбыт. Быйыл Мугудай учаастагын бүтэрдибит. Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүн уонна Мугудай икки арда 50 км, маны эһиил түмүктүүбүт. Төһө да таһырдьа тымныы турдар, суол оҥоһуллар сирин бэлэмнээһин тохтоло суох ыытыллар», — диэтэ Николай Андреев.

Кини эппитинэн, Аллараа Бэстээх — Чурапчы  хайысханан аспаал суол, былаан быһыытынан, 2022 сыл алтынньы 31 күнүгэр бэлэм буолуохтаах. Бэдэрээччиттэр тутуу болдьох иннинэ бүтэр кыахтааҕын эттилэр, ол эбэтэр — балаҕан ыйын бүтүүтэ.

This post was published on 16.12.2021 17:01 17:01