«Олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн, 2022 сылга 4 тыһ. тахса саха киһитэ бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үлэлиир. Ол туһунан регион баһылыга Айсен Николаев ГТРК «Саха» «Прямой разговор» биэриитигэр Россия 24 ханаалга иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга, төһө да арҕаа дойдулар санкция биллэрбиттэрин иһин, «регион бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр сайдыы салҕанар, ону тэҥэ бырайыактары олоххо киллэрэр, саҥа үлэһиттэри эбии ыла тураллар».
Устудьуоннар этэрээттэригэр Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, 2,5 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлиэҕэ. Кинилэри чуолаан, «Сибиир күүһэ» газопровод бырайыактарыгар, Арктика территориятын ыраастааһыҥҥа, Дьокуускай куораты тупсарыыга, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлэтиэхтэрэ.
This post was published on 19.05.2022 14:03 14:03