Бырааһынньык күннэрин көһөрүү түмүгэр, 2022 сыл ыам ыйыгар Россия олохтоохторун өрөбүллэрэ эбиллиэҕэ. Уураахха премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаата диэн бырабыыталыстыба саайтыгар таҕыста.
2022 сылга тохсунньу 1 уонна 2 күннэрэ субуотаҕа уонна баскыһыанньаҕа түбэһэринэн, бу чыыһылалар өрөбүллэрин ыам ыйын 3 (оптуорунньук) уонна ыам ыйын 10 (оптуорунньук) күннэригэр көһөрүлүннэ. Онон тохсунньуга тоҕус өрөбүл күн баар буолла — тохсунньу 1 — 9 күннэрэ, оттон ыам ыйыгар сэттэ өрөбүл — ыам ыйын 1 — 3 күннэрэ уонна ыам ыйын 7 — 10 күннэрэ.
Маны сэргэ кулун тутар 5 күнэ (субуота) кулун тутар 7 күнүгэр (бэнидиэнньиккэ) көһөрүлүннэ. Онон кулун тутарга Россия олохтоохторо үс күн субуруччу сынньаныахтара — кулун тутар 6 — 8 күннэрэ (баскыһыанньаттан оптуорунньугу киллэрэн туран). Бу өрөбүл күннэр иннинээҕи үлэ нэдиэлэтэ алта хонуктаах буолар.
Онон 2022 сылга алта эргиир бырааһынньык күннэринэн быһаарылынна: тохсунньу 1 — 9 (9 хонук), кулун тутар 6 — 8 (3 хонук), муус устар 30 — ыам ыйын 3 (4 хонук), ыам ыйын 7 — 10 (4 хонук), бэс ыйын 11 — 13 (3 хонук), сэтинньи 4 — 6 (3 хонук).
Санатар эбит буоллахха, 2021 сыл ахсынньы 31 күнэ өрөбүлүнэн биллэриллибитэ, 2021 сыл тохсунньу 3 күнэ көспүтэ.
This post was published on 18.09.2021 12:01 12:01