Мас-рестлиҥҥэ аан дойдутааҕы IV уонна биирдиилээн муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар киирсии чемпионаттара Дьокуускайга буолара былааннанар. Күрэхтэһии буолар болдьоҕо барыллаан этилиннэ, суруйар СИА.
Аан дойдутааҕы чемпионаттар, барыллаан быһаарыынан, 2022 сыл бэс ыйын 23-27 күннэригэр буолуохтара. «Триумф» спорткомплекска, бары ыйааһыҥҥа дьоһуннаах бириистэрдээх ыытыллыаҕа, ол туһунан мас-рестлинг аан дойдутааҕы Федерацията эттэ.
Муҥутуур кыайыылааҕы быһаарсар киирсии финала Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕын кэмигэр ыытыллыаҕа.
«Чемпионакка бэлэмнэнии саҕаланна, өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар ананар. Ити күннэргэ мас-рестлинг аан дойдутааҕы күнүн бэлиэтиэхпит. Онно анаан куонкурус биллэриэхпит — федерация өрөгөй ырыатыгар уонна бырааһынньык дьаралыгар», — диэтилэр федерация мунньаҕар.