Социальнай гаастааһын бырагырааматынан 2022 сыл түмүктэниэр диэри Саха сиригэр 11 тыһыынча киһи дьиэтигэр гаас ситимин босхо тиэрдиэхтэрэ. СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн гаас утаҕын дьиэлэр учаастактарыгар диэри тиэрдиэхтэрэ.
«Социальнай гаастааһын бырагыраамата биир саамай суолталааҕынан буолар. Муниципалитеттары, гаас хампаанньаларын кытары дьиэлэр ахсааннарын, ситэри гаастааһын былаанын, кыраапыгын чопчулуубут. Быйыл Марха оройуонун уулуссаларын гаастааһыҥҥа, Покровскай тракт ситимнэрин бырайыактааһыҥҥа үлэлэһэбит», — диэтэ миниистир Максим Терещенко.
Сиһилии манна көр https://ysia.ru/bolee-11-000-zhitelej-yakutii-obespechat-gazom-besplatno-do-kontsa-2022-goda/
This post was published on 25.08.2021 13:03 13:03