2022\2023 үөрэх дьылыгар судаарыстыбаннай эксээмэннэри туттарыы күннэрин бырайыага таҕыста

РФ Үөрэххэ министиэристибэтэ 20222023 үөрэх дьылыгар БКЭ уонна ССЭ ыытыллар күннэрин бырайыагын таһаарда, суруйар ТАСС.

Бырайыакка сурулларынан, Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ) муус устар 21 — от ыйын 2 күннэригэр ыытыллара былааннанар. Эрдэлээн эксээмэн уонна саппаас күннэр бииргэ тутуллан, муус устар 21 — ыам ыйын 17 күннэригэр, сүрүн — ыам ыйын 20 — от ыйын 2 күннэрэ. Маны сэргэ эбии күннэр былааннаналлар: балаҕан ыйын 5 — 24 күннэрэ.

Биир кэлим судаарыстыбаннай (ЕГЭ) кулун тутар 21 — от ыйын 2 күннэригэр ыытыллар. Эрдэлээн туттарааһын кэмэ кулун тутар 21 — муус устар 15 күннэригэр, сүрүн туттарсыы саппаас күннэри кытта киллэрэн туран, ыам ыйын 27 — от ыйын 2 күннэрэ. Балаҕан ыйын 5-20 күннэригэр эбии тутарсыы кэмэ көрүллэр.

This post was published on 04.10.2021 11:01 11:01