2021 сылтан саҕалаан оскуолаларга Wi-Fi киллэриэхтэрэ

2021 сылга интернеккэ 30 тыһ эбийиэги холбуур былааннаахтар, ол иһигэр ФАП-тары, военкоматтары уонна баһаарынай чаастары. Оттон оскуолаларга хас биирдии кылаас Wi-Fi-ситимигэр холбонуохтаах. Ол туһунан РФ сибээһин миниистирэ Максут Шадаев Федерация сэбиэтин экономикаҕа кэмитиэтин мунньаҕар эттэ, суруйар Парламентская газета.


««Цифровая экономика» бырайыагынан 70 эбийиэк интернеккэ холбонор. Дойду үрдүнэн сибээскэ холбонуу саҥа стандартын киллэрэбит. Эрдэ бөдөҥ медицина тэрилтэтин эрэ холбуур буоллахпытына, билигин ФАП-тар, военкоматтар, баһаарынай чаастар, участковайдар холбоноллор. 40 тыһ эбийиэк холбонно, 2021 сылга хаалбыт 30 тыһ эбийиэккэ куйаар ситимин тардыахпыт», — диэтэ кини.

Федерация сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентина Матвиенконы кытта мунньахха оскуолаларга интернеккэ кылааһы барытын холбуур туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтүн Шадаев эттэ. «Интернети эбийиэккэ киллэрэбит, салгыы иһинээҕи үлэлэринэн хас биирдии кылааска куйаар ситимэ баар буолуохтаах. Ол туһунан Валентина Ивановна хаста да эттэ. Онон «Цифровая экономика» бырагырааманан кэлэр сылтан Wi-Fi-ситими хас биирдии оскуолаҕа тардабыт», — диэтэ кини.

Ситим харысхаллаах буолуоҕа, учууталлар уонна онно үөрэнэр оҕолор эрэ туһаналлар.

This post was published on 03.11.2020 10:01 10:01