Саха сиригэр 2021 сылга хаарбах дьиэттэн 11 тыһыынчаттан тахса киһини көһөрүөхтэрэ. Ол туһунан бырабыыталыстыба онлайн-отчуотун кэмигэр тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов эттэ, суруйар СИА.
Павел Кылатчанов бэлиэтээбитинэн, ааспыт сылга дьону хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ улахан сорук туруоруллубута. 2019-2020 сылларга 6300 тахса киһи уопсайа 117 тыһ кв.м. иэнтэн көһөрүллүбүт.
«Сыл бүтэһигэр федеральнайдааҕы былааһы, ОДьКХ реформаҕа пуондатын кытта улахан үлэ ыытыллыбыта. Онон 2020-21 сылларга былааннаммыт суумаҕа эбии 10 млрд солк ылбыппыт. Онон быйыл былааннаммыт 140 тыһ кв м. оннугар 270 тыһ кв м иэннээх хаарбах дьиэ иэниттэн 11 тыһыынчаттан тахса киһини көһөрүөхпүт», — диэтэ миниистир.
This post was published on 15.02.2021 12:01 12:01