Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы от ыйынааҕы анал дьаһалынан 2020-2024 сылларга ыытыллыахтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахтар испииһэктэрин бигэргэппитэ. Өймөкөөҥҥө 2021 сылга ыытыллара былааннарар.
2020 сыллааҕы Олоҥхо ыһыаҕа Өлүөхүмэ оройуонугар ыытыллар. Оттон 2021 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан суолталаах тэрээһин Тымныы полюһугар, кырдьаҕас Өймөкөөн сиригэр ыьыллыаҕа.
«Хотугу сардаҥа» хаһыат общественнай кэрэспэндиэнэ Дария Тихомирова биллэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр Томтор нэһилиэгэр СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Ил Түмэн дьокутаата, олохтоох бэйэни салайыныы сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Василий Местников кыттыылаах мунньах буолла. Онно нэһилиэктэр баһылыктара, уопсастыбаннас уонна көхтөөх дьон кытыннылар.
Олоҥхо ыһыаҕа саха норуотун сомоҕолуур, бииргэ түмэр, норуот култууратын, тылынан уус-уран айымньытын бары көрүҥнэрин арыйар, хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын сайдар саҕахтарын тобулар, кэнчээри көлүөнэҕэ үйэлэр мындааларыттан илдьэ кэлбит баай үгэспитин көрдөрөр сүдү тэрээһин буолар.
— Бу ураты суолталаах ыһыах буолуоҕа. Өймөкөөн улууһугар Халыма-Индигир сэттэ улуустарын барыларын тэҥҥэ хабан ыытыллар тэрээһин буолара бэлэмнэнэр. Оттон бу эппиэттээх дьаһал сүрүн тэрийээччилэринэн эһиги, олохтоохтор, бэйэҕит буолаҕыт, — диэн көрсүһүүгэ тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Александр Жирков. — Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыахтаах сирин-уотун өссө төгүл үөрэтэн көрөн баран, кэнэҕэскитин, ыһыах бүппүтүн кэннэ, олохтоох дьоҥҥо туһалыыр бигэ-таҕа тутуулары ыытыахтаахпыт. Хара маҥнайгыттан өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа тутуллар трибуналар анныларыгар хаалар киэҥ миэстэни анаан сылытыллар, былаһааккалаах гына тутулларын көҕүлээһин, туруорсуу соруга биһиги иннибитигэр турар. Нэһилиэктэр аайы үлэни-хамнаһы аттаран, тус-туспа хамыыһыйата тэринэн үлэҕитин торумнааҥ.
Мунньахха улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева иһитиннэрбитинэн, билигин бу кэрэ-бэлиэ тэрээһиҥҥэ туһаайыллыбыт нэһилиэктэринэн былаан оҥоһуллар. 2012 с. улууска тэриллибит Олоҥхо ассоциациятын общественнай түмсүүтэ хас да хайысханан үлэлиирин кини билиһиннэрдэ. Ыһыахха бэлэмнэнии үлэтин хайысхатынан биир дойдулаахпыт, Ил Түмэн 34 №-дээх Халыма-Индигир быыбардыыр уокуругуттан дьокутаат Василий Местников уонна Томтор нэһилиэгин баһылыга Никифор Протопопов уопсастыбаннаһы мунньан хаста да кэпсэтии тэриллибитин эмиэ бу күн иһитиннэрдилэр.
Мустубут дьон өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ сүрүннээн бара турарын этэн туран, араас боппуруостарынан бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.
Көрсүһүү туһунан сиһилии улуус хаһыаттарыгар сырдатыахпыт.
Ааптар: Надежда КОРЯКИНА, «Хотугу сардаҥа» хаһыат, Өймөкөөн улууһа
This post was published on 30.09.2019 15:13 15:13