Ийэ хапытаалын сертификатын суумата 3,7% индексацияланыа. Маннык борогунуоһу РФ экономика сайдыытыгар министиэристибэтэ оҥорор, диэн суруйар Российская газета.
Ийэ хапытаалыгар төлөбүр суумата 483 882 солк бастакы оҕоҕо уонна 639 432 солк иккис оҕоҕо. Үлэ министиэристибэтигэр эппиттэринэн, өскөтүн ыал бастакы оҕотугар ийэ хапытаалын ылбыт буоллаҕына, иккис оҕотугар — 155 550 солк ылар.
Федеральнай бюджекка 2021 сылга ийэ хапытаалыгар анаан 443,3 млрд солк былааннанна.
This post was published on 15.09.2020 11:01 11:01