Сааһынан биэнсийэ орто кээмэйэ 2021 сылга 6,3% үрдүөҕэ, ол эбэтэр 17 443 солк тириэрдиллиэҕэ, ТАСС-ка РФ Үлэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
“Сокуон нуормаларыгар олоҕуран, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ страховкалыыр чааһын индексацията 6,3% таһаарылынна, оттон социальнай биэнсийэ – 2,6%. Онон сааһынан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр ылар биэнсийэлэрин орто кээмэйэ 2021 сылга 17 443 солк тэҥнэһиэҕэ”, – диэн министиэристибэҕэ иһитиннэрдилэр.
Иһитиннэрии Россия биэнсийэ пуондата 2021 сылга уонна былааннаах 2022 — 2023 сылларга оҥоһуллубут бюджетын бырайыагар олоҕурда, пуонда докумуона РФ экономика сайдыытын министиэристибэтин борогунуоһугар тирэҕирдэ.
2021 сылга биэнсийэ страховкалыыр чааһыгар 7,8 трлн солк үп көрүллэрэ былааннанар.
Министиэристибэ дааннайынан, 2021 сылга Биэнсийэ пуондата 43 мөл киһиэхэ төлөбүрүнэн хааччыйыахтаах. “2021сылга Биэнсийэ пуондатын бюджета 9,6 трлн солк. Биэнсийэ төлөбүрүгэр 8,4 трлн солк тыырыллар,ыйдааҕы харчынан төлөбүргэ – 425 млрд солк”, – биэдэмистибэҕэ эттилэр.
This post was published on 15.09.2020 10:01 10:01