2021 сыл тохсунньутугар Саха сиригэр биэс аныгы тутуллаах ФАП арыллар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын вице-премьера Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, тохсунньу ый бүтүөр диэри улуустарга биэс фельдшерскай-акушерскай пуун арыллыаҕа.


«2021 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Доруобуйа сылынан биллэрилиннэ. Далааһыннаах соруктары туруорунабыт. Доруобуйа харыстабылын бастакы звенотын саҥардыыга бырагыраамабыт онно төһүү күүс буолар. Тустаах министиэристибэ, ааспыт сылга коронавируһунан сибээстээн ыарахан усулуобуйаҕа да үлэлээтэр, дойдуга бастакылар ортолоругар бырагырааманы көмүскээбитэ. Кинилэргэ махтанабын. Бастакы медицинскай-санитарнай көмө сүрүн боппуруоһунан буолар», — диэтэ Ольга Балабкина.

Старай Табаҕаҕа «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут, үлэтин саҕалаабыт ФАП курдук өссө биэс пуун тохсунньуга улуустарга арыллыахтара. Онон уопсай ахсаана 33 тиийдэ.

Дьааҥы оройуонугар поликлиника арыллыыта — туспа улахан дьаһалынан буолар.

This post was published on 15.01.2021 10:01 10:01