2021 сыл бүтүүтэ тастан киирэр аһылык сыаната муҥутуур таһымҥа тиийиэҕэ

NOVOSIBIRSK, RUSSIA - MAY 27, 2020: A woman sells vegetables at the Oktyabrsky food market. The Novosibirsk authorities have allowed stores selling food products and gardening supplies to reopen starting May 26, while realization of non-food products is still suspended. Kirill Kukhmar/TASS Ðîññèÿ. Íîâîñèáèðñê. Ïðîäàæà îâîùåé íà Îêòÿáðüñêîì ðûíêå. Ñ 26 ìàÿ þðèäè÷åñêèì ëèöàì è èíäèâèäóàëüíûì ïðåäïðèíèìàòåëÿì, îñóùåñòâëÿþùèì äåÿòåëüíîñòü íà ðûíêàõ, ðàñïîëîæåííûõ íà òåððèòîðèè ãîðîäà, ðàçðåøåíî ïðîäàâàòü ïðîäîâîëüñòâåííûå òîâàðû è òîâàðû äëÿ ñàäîâîäñòâà è îãîðîäíè÷åñòâà, îäíàêî ïîä çàïðåòîì îñòàåòñÿ ðåàëèçàöèÿ íåïðîäîâîëüñòâåííûõ òîâàðîâ. Êèðèëë Êóõìàðü/ÒÀÑÑ

Кыраныысса таһыттан кэлэр табаар 2021 сыл бүтүүтэ муҥутуур таһымҥа 1,75 трлн. тиийиэҕэ, бу аата былырыыҥҥыттан 14% элбэх уонна бу сыл бэс ыйыгар билгэлээбиттэриттэн 12% үрдүк. Бу туһунан “Продовольственный прогноз” дакылааттаабытын, аһылык уонна тыа хаһаайыстыбатын холбоһуктаах нациялара бэчээттээтэ.

“Норуот икки ардынааҕы рыногар аһылык сыаната уонна тыраанспар ороскуота үс төгүл үрдээбитин иһин табаар сыаната олоччу үрдээтэ” диэн исписэлиистэр быһаараллар. Дакылаакка этиллэринэн, тас дойдулартан киирэр табаар 40% сайдан эрэр регионарга түбэһэр. Бу тэрилтэ билгэтинэн, тас дойдуттан киирэр аһылык ахсаана былырыыҥҥыттан 20% элбиэҕэ. Ол быыһыгар, кыра дохуоттаах дойдуларга сыана өссө түргэнник үрдүөҕэ диэн сабаҕалыыллар. “Тоҕо диэтэргин, бу дойдулар аҕыйах да ахсааннаах табаары киллэрэллэригэр элбэх ороскуоту көрсүөхтэрэ”.

Сайдан эрэр дойдуларга аһылыкка уонна саамай наадалаах табаардарга  сыана тосту улаатыа. Холобур, бурдукка, мас арыытыгар, ынах арыытыгар, онтон сайдыылаах дойдуларга сыана оҕуруот аһыгар: фрукталарга, балыкка уонна утахтарга үрдүөҕэ”, — диэн ФАО биллэрэр.

Сылы быһа аһылык сыанатын индекса үрдүү турар. Бэс уонна от ыйдарыгар кыратык кыччаабыта эрээри, төттөрү үрдүүр тэтимгэр киирдэ. Экспертар, сыана үрдээһинигэр пандемия эмиэ буруйдаах дииллэр, холобур хамсык ыарыы саҥа кэлэрин саҕана, дьон элбэх бородууктаны атыылаһан баран, хайа эрэ кэмҥэ атыылаһар дьоҕура аччыы сылдьыбыт, онтон аска наадыйааһына өссө үрдээбит. ТАСС кэрэспэдьиэнигэр, ФАО экономиһа Абдолрез Абассиан быһаарбыттарынан, электричество уонна тыраанспар, ону кытары аһылык сыаната барыта биир кэмҥэ үрдүүрэ долгутар. Тоҕо диэтэргин өр кэмҥэ сыана үрдүк турдаҕына, кэлин элбэх проблеманы үөскэтиэн син.

ТАСС

This post was published on 12.11.2021 13:09 13:09