Эһиил от ыйыгар уот, гаас сыаната үрдүүрүн туһунан сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрэр. Бу туһунан edersaas.ru суруйар.
Кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Антонов «АЛРОСА» курдук улахан тэрилтэлэр уоту тутталлара аччаан, «Якутскэнерго» билиҥҥи тарыыбынан сатаан дохуот ылыммат буолбутун туһунан иһитиннэрдэ. Онон, «Якутскэнерго» тохтоло суох үлэлиирин туһугар, тарыыбы үрдэтэргэ диэн быһаарыныы ылылынна.
Тэрилтэлэргэ уот тарыыба 15% үрдүөҕэ, нэһилиэнньэҕэ — 5%. Дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын билгэлээһиниттэн сиэттэрэн, тарыып үрдээһинэ кэлэр сыл от ыйыттан күүтүллэр. Гаас сыаната эмиэ уларыйыаҕа. Бу туһунан, СӨ Сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин отделын салайааччыта Күннэй Попова кэпсээтэ: «Гаас сыанатын Арассыыйа Федеральнай Антимонопольнай сулууспата быһар. Хас сыл ахсын сулууспа гаас сыанатын тутан кэлбитэ, үрдүүр да буоллаҕына 3 %-тан үрдээбэт этэ. Ол иһин, «Сахатранснефтегаз» ночоокко үлэлии олорор».
This post was published on 30.12.2020 15:31 15:31