2020 сылтан Саха сиригэр оҕо төрөөһүнүгэр эбэтэр иитэ ылыыга төлөбүр кээмэйэ улаатыа

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сирин ыаллара оҕолоннохторуна көрүллэр төлөбүр кээмэйэ улаатыа. Ол туһунан үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэ СИА-ҕа иһитиннэрдэ. 


Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан 2020 сыл саҥатыттан оҕоломмут дьиэ кэргэни өйүүр эбии миэрэлэр кээмэйдэрэ уларыйыахтара.

Дьиэ кэргэҥҥэ бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ биир кэмнээх төлөбүр — 36 322 солк. тэҥ. Маны сэргэ ыйдааҕы пособиены оҕо үс сааһыгар диэри бэриллэр.

«Оҕолоро балтараа сааһын туолан, ыйдааҕы пособиены ылбат буолбут дьиэ кэргэттэр иккистээн сайабылыанньаларын биэрэн, оҕолорун 3 сааһа туолуор диэри төлөбүрү ылыахтарын сөп», — диэн биэдэмистибэҕэ эттилэр.

2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ иккис оҕолоругар күн сирин көрдөрбүт дьиэ кэргэн регионнааҕы ийэ хапытаалын ылар — 139 985 солк. ылаллар, бу суума федеральнайдааҕы (466 617 солк) төлөбүр 30%-н ылар.

Үһүс уонна онтон элбэх оҕону төрөтүүгэ, иитэ ылыыга төлөбүр кээмэйэ эмиэ улаатта. Үс сааһын туолуор диэри ыйдааҕы төлөбүр — 17 660 солк.

Төлөбүрдэри биэриигэ дьиэ кэргэн орто дохуота учуоттанар.

This post was published on 25.12.2019 15:52 15:52