2020 сылтан Арктикаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу саҕаланыа

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин Арктикатын улуустарыгар хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан мунньах ыытта. Хотугу оройуоттарга билигин бэлэмнэнии түһүмэҕэ барар.


«Арктикаҕа элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу Сэбиэскэй кэмтэн ыытылла илик. ИЖС таһымыгар эрэ тутуу барара. Ол иһин биһиги билигин «нуултан» саҕалыыбыт. Арктикаҕа тутуу индустриятын туһунан этэр да барыллыбат, тоҕо диэтэххэ онно туох да суох. Тутуу матырыйаалын тиэйиэххэ-таһыахха наада, оннооҕор кумаҕы», — диэтэ Айсен Николаев.

Абый, Дьааҥы, Аллараа уонна Орто Халымалар улуустарын баһылыктара ыытыллар үлэлэр тустарынан кэпсээтилэр. Муниципалитеттарга 2025 сылга диэри бырагыраамалар бигэргэммиттэр, учаастактары быһаарыы ыытыллар.

«Хоту улуустарга тутуу матырыйаалын тириэрдиигэ-таһыыга ороскуоту кыччатар курдук туох баар варианы үөрэтиэххэ наада«, — диэтэ Ил Дархан.

Бырабыыталыстыбаҕа туһаайан, Арктикаҕа тутууну ыытыыга олус эппиэтинэсттээхтик сыһыаннаһары эттэ. Манна оройуоттар киинтэн олус ыраах сыталлара уонна навигация болдьоҕо кылгаһа хайаан да учуоттаныахтааҕа бэлиэтэннэ.

This post was published on 22.11.2019 15:11 15:11