2020 сылга тыа сирин тупсарыыга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 100 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп көрүллүөҕэ. Бу туһунан СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Саха сирин 70 нэһилиэгэр сынньалаҥ сирдэри, спортивнай, оҕо оонньуур, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон физкультуранан уонна адаптивнай спордунан дьарыктанар былаһааккалары тэрийиигэ уонна тупсарыыга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 90,9 мөлүйүөн солкуобай ыытыллыаҕа», – диэн докумуоҥҥа этиллэр.
Бэриллибит үбүнэн тротуардары, уу түһэр ханаалларын, территориялары сырдатыы, айылҕа ландшафтарын уонна пааматынньыктарын чөлүгэр түһэрии уонна өрөмүөнүн оҥоруу былааннанар.
Тэрээһиннэр «2020 — 2025 сылларга тыа сирин биир кэлим сайдыыта» өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллаллар, суруйар НВК «Саха».