2020 сылга «Тыа сирин биир кэлим сайдыыта» бырагырааманан тоҕус бырайыак олоххо киириэҕэ

2020 сылга «Тыа сирин биир кэлим сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн тоҕус бырайыак олоххо киириэҕэ. Бырайыактары үлэлэтиигэ уопсайа 2,6 миллиард солкуобай көрүллүбүтүн туһунан, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ТАСС-ка иһитиннэрдэ.


Федеральнай хааһынаттан 2,4 миллиард солкуобай, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 202,3 мөлүйүөн солкуобай тыырылынна.

«Тоҕус бырайыак 26 тэрээһини хабар: биир оскуола, үс аҕыйах миэстэлээх оскуола-уһуйаан, үс оҕо уһуйаанын, биир быраас офиһын тутуута, икки балыыһа уонна үөрэнэр мастарыскыай хапытаалынай өрөмүөнэ, алта бөһүөлэк иһинээҕи гаас утаҕын тардыы, биир туттуллубут ууну ыраастыыр станция тутуута, биир иһэр ууну ыраастыыр станция уонна алта оскуолаҕа массыына ылыыта», — диэн СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тириэрдэр.

Бырайыактар аҕыс улуус 11 сэлиэнньэтигэр олохтонуохтара: Бүлүүгэ, Горнайга, Мэҥэ Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга, Хаҥаласка уонна Чурапчыга.

«Тыа сирин биир кэлим сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагыраама 2019 сыл ыам ыйыгар бигэргэтиллибитэ. 2020-2025 сылларга уопсай үбүлээһин кээмэйэ 2,3 триллион солкуобайга тэҥнэһэр, биир триллион солкуобайа федеральнайдааҕы хааһынаттан тыырыллар.

This post was published on 05.03.2020 17:51 17:51