Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Прокопий Николаев «Арктика: билиҥҥитэ уонна сарсыҥҥыта» диэн Санкт-Петербурга буолбут мунньахха Арктика уонна киин оройуоннарыгар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын бэлиэтээтэ. Саха сирин былааһа 2020 сылга бу эйгэҕэ 9 млрд солк. тыырыахтааҕа былааннара, диэн ТАСС-ка Николаев иһитиннэрдэ.
«Саха сирин бюджетыгар сылын аайы 9 млрд солк тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматыгар тыырыллар. Эрдэ 3 млрд солк сарбылларын туһунан этиллибитэ. Билигин биһиги регион экономикаҕа уонна үпкэ министиэристибэлэрин кытта үлэлэһэн, сарбыллыы тахсыбат буолла. 2019 сыллааҕы таһымы ыһыктыбатыбыт. Өйөбүлү ыларга эрэллээхпит», — диэтэ Николаев.
Кини бэлиэтээбитинэн, тыа хаһаайыстыбата Арктика уонна киин улуустарыгар тэҥинэн сайдар. Кэнники икки сылга киин улуустартан көһүү бэлиэтэммэт, ити эрээри Арктикаттан барыы салҕанар. Өлөөҥҥө, Анаабырга, Эдьигээҥээ, Эбээн-Бытантайга балаһыанньа үчүгэй, нэһилиэнньэ эбиллэр, хамсааһын суох.
This post was published on 09.12.2019 16:39 16:39