2020 сылга Саха сирин нэһилиэнньэтэ 12 тыһыынча киһинэн эбилиннэ

Регионнааҕы экономика миниистирэ Майя Данилова эппитинэн, Саха сирин нэһилиэнньэтэ 2020 сылга 12 тыһыынчанан эбилиннэ, онон барыта 984 тыһыынчаҕа тэҥнэстэ.


«Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэ эбиллиитигэр Саха сирэ саамай үрдүк көрдөрүүлээхтэр ахсааннарыгар киирэр. Таһым түспэт», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ экономикаҕа миниистирэ Майя Данилова. 

Кини бэлиэтээбитинэн, 2020 сыл түмүгүнэн нэһилиэнньэ 12,7 тыһыынча киһинэн эбиллибит. Онон уопсай ахсаан 984 700 киһиэхэ тэҥ. Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сылга көрдөрүү түөрт төгүл кырата — үс тыһыынчаттан тахса киһи.

This post was published on 28.01.2021 12:01 12:01