2020 сылга Саха сирин дьыссааттарыгар эбии 1,7 тыһыынчаттан тахса миэстэни таһаарыахтара

PYONGYANG, NORTH KOREA – MAY 7, 2019: Kids at a kindergarten opened in 1954. In 1979, the kindergarten was turned into a pre-school institution for children gifted in music. Starting from the age of 4, talented children file their applications to be enrolled in the kindergarten offering music, arts, choreography, and science courses. Yevgeny Agoshkov/TASS EDITORIAL USE ONLY; NO COMMERCIAL USE; NO ADVERTISING ÒÎËÜÊÎ ÄËß ÐÅÄÀÊÖÈÎÍÍÎÃÎ ÈÑÏÎËÜÇÎÂÀÍÈß. ÍÅ ÄËß ÐÅÊËÀÌÛ ÊÍÄÐ. Ïõåíüÿí. Äåòè âî âðåìÿ çàíÿòèé â ñïåöèàëèçèðîâàííîì äåòñêîì ñàäó ïõåíüÿíñêîãî ðàéîíà Êåíñàí. Êåíñàíñêèé äåòñêèé ñàä îòêðûëñÿ â 1954 ãîäó, â 1979 ãîäó îí áûë ïåðåïðîôèëèðîâàí â ñïåöèàëüíîå äîøêîëüíîå ó÷ðåæäåíèå äëÿ îäàðåííûõ äåòåé â îáëàñòè ìóçûêè. Îäàðåííûå äåòè â ÊÍÄÐ ñ ÷åòûðåõ ëåò îòáèðàþòñÿ äëÿ ïðîõîæäåíèÿ îáó÷åíèÿ ïî îñîáûì ïðîãðàììàì, êîòîðûå ðàçâèâàþò èõ òàëàíòû â ìóçûêå, èñêóññòâå, õîðåîãðàôèè, à òàêæå ðàçëè÷íûõ íàóêàõ. Åâãåíèé Àãîøêîâ/ÒÀÑÑ

Саха сирин былааһа 2020 сылга 3-7 саастаах оҕолору тэрилтэнэн хааччыйыыга анаан, эбии 1,7 тыһ миэстэни тэрийиэхтэрэ. Дьаһалынан тоҕус оройуон, ол иһигэр Арктика эргимтэтэ хабыллыаҕа. Билигин дьыссаакка уочарат суох. Онон оҕолоро тэрилтэҕэ  саҥа барааччы төрөппүттэр ирдэбиллэрин толорууга үлэ ыытыллар. СИА Үөрэх министиэристибэтин пресс-сулууспатын иһитиннэриитин ТАСС-ка олоҕуран суруйар.


РФ президенэ Владимир Путин дьааһылалары уонна дьыссааттары тутуу бырагырааматын кэҥэтэн биэрэр туһунан кулун тутар саҕаланыыта Ивановскай уобаласка сылдьан эппитэ. Бу «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.

«Владимир Путин 3-7 саастаах оҕолор тэрилтэнэн хааччыллыыларыгар уолчараты суох оҥорууга анаммыт ыам ыйынааҕы ыйаахтара биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр толоруллаллар. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэтинэн 54 тыһ. 217 оҕо хабыллар. 2020 сылга 13 эбийиэк үлэҕэ киллэриллэрэ былааннанар. Муниципалитеттарга уонна Дьокуускай куоракка 1,7 тыһ. саҥа миэстэ таһаарыллыахтаах«, — диэтилэр министиэристибэҕэ.

Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба, Сунтаар, Томпо уонна Уус Алдан улуустарыгар саҥа оҕо тэрилтэлэрэ арыллыахтара.

This post was published on 31.03.2020 11:33 11:33