Бу сылга ойууру чөлүгэр түһэриигэ саҥа сокуон ылыллыбыта. Манна маһы бэлэмнээһиҥҥэ эрэ буолбакка суолу оҥорууга, турбаны тардыыга уонна уот линиятын аһардыыга, сири туһаҕа таһаарыыга соломмут ойуур эмиэ киирсэр. ДьТХА ректора Иван Слепцов СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, бу сыалга эһиил Саха сиригэр ойуур питомнига арыллыаҕа.
«Кэҥкэмэ үрэх территориятыгар 3 тыһ. гектар сир баар, питомнигы чуолаан манна арыйар былааннаахпыт. Тиит, хатыҥ уонна бэс үүннэриэхпит. Саҕалааһыҥҥа ити сөп. Салгыы сайыннарыахпыт, кэҥэтиэхпит. Питомнигы арыйыыга бары өттүнэн бэлэммит — учаастак, сир, үлэһиттэр, учуонайдар уонна билии баар. Улахан кыахтаахпыт», — диэтэ Иван Слепцов.
Питомник көмөтүнэн бөдөҥ промышленнай хампаанньалар бэйэлэрин үптэригэр ойууру чөлүгэр түһэриини саҕалыахтара. Өскөтүн кинилэр сири туһаҕа таһаарыыга күөх суугуну кэрдэр буоллахтарына, сокуон быһыытынан рекультивацияны ыытыахтаахтар. Билигин академия сөбүлэҥ суруктары бэлэмниир.
Сорох хампаанньалар этэллэринэн, ойуур бэйэтин-бэйэтэ чөлүгэр түһэринэрэ ордук. Ректор бэлиэтээбитинэн, маннык буоллаҕына хамсааһын олус бытаарар, ол иһин науканы уонна оҥорон таһаарыыны туһанан, Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэрии промышленнай таһымҥа таһаарыллыахтаах.
This post was published on 29.10.2019 12:00 12:00