Бүлүүгэ “Далбар Хотун” куонкурус үрдүк таһымнаахтык ааста. Тоҕус кэрэ-мааны кыттааччы биэс түһүмэххэ талааннарын, билиилэрин, дьоҕурдарын көрдөрдүлэр, олоххо сыаннастарын кэпсээтилэр.
Бүлүү Далбар Хотуттара бэйэлэрин тустарынан кэпсээтилэр, талааннарын билиһиннэрдилэр, астаан аҕалбыт минньигэс астарынан күндүлээтилэр, киэһэ кэтиллэр мааны таҥастарын көрдөрдүлэр. Хас биирдии кыттааччы үчүгэй бэлэмнээҕэ көһүннэ. Кэрэ куоластаах ырыаһыттар, эрчимнээх үҥкүүһүттэр күрэҕи өссө эбии киэргэттилэр.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кэрэ кыттааччыларбыт маннык анал ааттарга тигистилэр:
Саргылана Ивановна Алексеева – «Талаан Хотун»;
Клавдия Ивановна Софронеева – «Айыы Хотун»;
Анна Михайловна Чиркоева – «Сандалы Хотун»;
Анна Николаевна Семенова – «Сайдам Хотун»;
Муза Николаевна Тетелева – «Мааны Хотун»;
Кыыдаана Васильевна Дранаева – «Иэйии Хотун»;
София Семеновна Алексеева – «Талба Хотун», ону кытта көрөөччү биһирэбилэ;
Виктория Алексеевна Леонтьева – «Уран Хотун».
“Далбар Хотун — 2019” үрдүк аат хаһаайкатынан Сардана Егоровна Михайлова буолла. Кыайыылаах эһиил Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи “Далбар Хотун” күрэскэ улууспут аатыттан кытта барарыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Ааптар Василина Татаринова, Бүлүү улууһа, «Олох суола» хаһыат.