Тохсунньуттан Россияҕа «Земский учитель» бырагыраама үлэтин саҕалыаҕа. Саха сиригэр РФ үөрэххэ министиэристэбитинэн 50 квота 2022 сылга диэри көрүлүннэ. Регион тустаах миниистирэ Владимир Егоров иһитиннэрбитинэн, үүнэр сылга 19 тыа оскуолата саҥа педагогтаныахтара.
«2020 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 19 вакансия көрүлүннэ. 2020 — 2022 сылларга регион 50 квотаны ылар. Претенденнэргэ ирдэбиллэр чопчуламмыттара. Бырагыраамаҕа 55 диэри саастаах орто уонна үрдүк үөрэхтээх учууталлар кытталлар. Кинилэр тыа сиригэр көһүөхтээхтэр уонна онно 5 сыл үлэлиэхтээхтэр. Вакансияҕа талыыга учуутал категориятын, учуонай истиэпэнин, педагогикатын, психологиятын, 10 сылтан итэҕэһэ суох үлэ ыстааһын, биир тэрилтэҕэ төһө өр кэмҥэ үлэлээбитэ барыта учуоттанар», — диэтэ Владимир Егоров.
Оройуоннартан вакантнай дуоһунаска толорууга 310 сайаапка киирдэ. Министиэристибэ хамыыһыйатынан 32 бигэргэннэ. Бастатан туран Арктика кытылынан тайаан сытар улуустары өйүүргэ этилиннэ, 19 квотаттан 8-һа кинилэргэ ананна: Абыйга, Аллайыахаҕа, Үөһээ Халымаҕа, Дьааҥыга, Муомаҕа, Өлөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Усуйаанаҕа.
Бырагыраама оскуолалары кадрынан хааччыйыыга эрэ туһуламмат, оҕо, кини ханна олороруттан тутулуга суох, хаачыстыбалаах үөрэххэ тэҥ бырааптаныытыгар ананар.
This post was published on 25.12.2019 14:55 14:55