2019 сылга Саха сиригэр тоҕус тыһыынчаттан тахса ыал материальнай өйөбүлү ылла

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2019 сылга «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн дьиэ кэргэҥҥэ оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр материальнай өйөбүлү тоҕус тыһыынчаттан тахса ыал ылбыта бэлиэтэнэр. Бу туһунан үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.


«2019 сыл түмүгүнэн ыалга бастакы оҕо төрөөһүнүгэр, ол эбэтэр иитэ ылыытыгар биир кэмнээх 33 812 солкуобай төлөбүрү өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3305 дьиэ кэргэн туһанна. Иккис оҕо төрөөһүнүгэр 135 907 солкуобай өҥөлөөх регионнааҕы ийэ хапытаала 2480 дьиэ кэргэҥҥэ төлөннө», — диэн этиллэр.

Үһүс ол эбэтэр кэнники төрөөбүт оҕолорго үс саастарын туолуохтарыгар диэри хас ый аайы төлөнөр 16 906 солкуобай төлөбүрү 3 605 дьиэ кэргэн туһанна.

2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бары төлөбүр үрдээбитэ бэлиэтэнэр.

This post was published on 09.01.2020 14:38 14:38