2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үһүс уонна онтон салгыы оҕону төрөппүт (иитэ ылбыт) ыаллар ипотекаларын иэһин 450 тыһ.солк. элбэҕэ суох сууманы сабар бырааптаналлар. Бу туһунан регион Үлэҕэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Үп сүрүн иэһи сабыыга туһаайыллар. Өскөтүн ол суума 450 тыһ.солк. кыра буоллаҕына, хаалбыт суума ипотека кирэдьиитин бырыһыанын сабыыга туттуллар.
Маннык докумуоннар наадалар:
— кирэдьиити сабыыга сайабылыанньа;
— сайыамсык тус бэйэтин уонна гражданствотын бигэргэтэр докумуон;
— сайыамсык оҕотун тус бэйэтин уонна гражданствотын бигэргэтэр докумуон;
— Сайыамсык төрөөбүт оҕоҕо ийэ (аҕа) буоларын туоһулуур докумуоннар (оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ, иитэ ылбытын туһунан сибидиэтэлистибэ, иитэ ылбытын туһунан суут быһаарыыта уо.д.а);
— сайыамсыкка ипотека кирэдьиитэ бэриллибитин туһунан докумуон;
— РФ территориятыгар ипотеканан дьиэ ылбытын (өлүүлэһэн тутууга, быраабы атастаһыыга) туоһулуур атыы-кутуу дуогабара.
Саха сиригэр «ДОМ.РФ» АУо партнердарынан буолаллар: кирэдьииттиир тэрилтэлэр «Азиатско-Тихоокеанский Банк» ПАО, «Алмазэргиэнбанк» АО, «Россельхозбанк» АО, «Сбербанк»ПАО, «ВТБ» ПАО, «Республиканское ипотечное агентство»АО .