2018 сылтан сорох эбийиэктэри ГРЭС-2 холбуохтара

Бүлүүлүүр аартыгынан Чочур Мырааҥҥа тахсыы уҥа өттүгэр тутулла турар Дьокуускайдааҕы иккис нүөмэрдээх ГРЭС бастакы уочарата «сыһыллан-соһуллан», бу күһүн үлэҕэ киириэхтээх. Эһиилгиттэн туһанааччылары иккис нүөмэрдээх станцияҕа холбооһун саҕаланыахтааҕын туһунан СӨ Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетикэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.


Бүгүҥҥү туругунан, станция 90%-на бэлэм турар. Дьиҥэр, баараҕай суолталаах тутуу 2016 сыллаахха үлэҕэ киллэриллиэхтээх этэ. Ол эрээри оборудованиены аҕалыы итиэннэ үбүлээһин боппуруостарыгар ыарахаттар үөскээн, тутуу бытаарбыта. Бырайыак быһыытынан, инженернэй инфраструктуратын, суолун-ииһин тутуу үбүлээһинин барытын “Илиҥҥи энергетическэй ситимнэр РАУо” бэйэтигэр ылыммыта. Сүрүн бэдэрээтчит – «ТЭК Мосэнерго» уонна да атын дьоҕус тэрилтэлэр станция икки былаһааккатынан үлэлии сылдьаллар.

Станция 193 Мвт кыамталаах, 460 Гкал/ч сылааһы уонна сылга 1 440,407 мөл. кВтч электроэнергияны оҥорон таһаарар кыахтаах.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна «РусГидро» ПАУо бу ый саҥата түһэрсибит сөбүлэһиилэрин быһыытынан, «ЯГУ-1», «ЯГУ-2» уонна «Промкомплекс» хочуолунайга холбонон олорооччулары саҥа ГРЭС-2 көһөрөн биэриэхтээхтэр. СӨ дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетикэ миниистирин солбуйааччы Николай Дураев иһитиннэрбитинэн, станция үлэҕэ киирдэҕинэ, Дьокуускай куораты ититиинэн хааччыйыы схематыгар уларыйыылар киириэхтэрэ.

edersaas.ru

This post was published on 20.04.2017 09:59 09:59