2018 сылга Ыччат ыһыаҕа Хаҥалас улууһугар тэриллиэҕэ

Ыччат ыһыаҕа 2018 сылга Хаҥалас улууһун «Орто дойду» этнологическай комплексын сиригэр-уотугар ыытыллыаҕа. Маннык быһаарыы куоластааһын түмүгүнэн ылылынна. 


Ыччат ыһыаҕын ыытыыга икки улуус кииристэ. Ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин коллегиятыгар көрүү буолла. Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн, Хаҥалас улууһун туһатыгар 13, Нам оройуонугар 2 куолас киирдэ.

«Бэлэмнэнии үлэтин күһүҥҥүттэн тэрийэн барыахпыт. 2018 сылга Ыччат ыһыаҕа биһиги улууспутугар үрдүк таһымнаахтык ааһарыгар туох баар күүспүтүн-кыахпытын ууран үлэлиэхпит», — диэн улуус баһылыгын солбуйааччы Елена Яковлева СИА-ҕа иһитиннэрдэ.

This post was published on 28.06.2017 15:13 15:13