2018 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх эйгэтигэр Наука сылынан биллэрилиннэ. Ити туһунан педагогическай үлэһиттэр тохсунньутааҕы мунньахтарыгар Үөрэх уонна наука миниистирэ Владимир Егоров иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ биллэриллибит Наука сыла ылбычча буолбатах. Ол курдук, 2017 сыл ССРС норуодунай учуутала, ССРС норуотун үөрэхтээһинин туйгуна, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала М.А.Алексеевка анаммыта. Сыл устата араас тэрээһиннэр барбыттара. Михаил Алексеев үөрэнээччилэрэ наукаҕа сүҥкэн кылааттарын киллэрэ сылдьаллар. Онон ситими быспакка ааспыт сылы салгыыр курдук өйдүүр сөптөөх.
СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров: “Саха сирэ стратегическай регион буолар. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах. Бастакы комплекснай чинчийии улахан кыаҕы биэрбитэ”, — диэн эттэ. Итиэннэ былырыыҥҥыттан Арассыыйатааҕы Наука академиятын бэрэсидьиэнин кытта сибээс олохтоон, Саха сиригэр академия бэрэстэбиитэлистибэтин тэрийэр былааннаахтарын иһитиннэрдэ. Ил Дарханы кытта көрсүһүү тэрийбиттэр. “Иккиһинэн, үөрэҕи наука хараҕынан эмиэ көрүллүөхтээх. Ол эбэтэр биһиги үлэбитин-хамнаспытын анаалыстаан, түмүк оҥостуохтаахпыт уонна салгыы үлэлиир суоллары тобулуохтаахпыт. Бэйэбит биэдэмистибэбит институттарын, министиэристибэ үлэһиттэрин көмөлөрүнэн информационнай систиэмэ базатыгар киин тэрийиэхпитин баҕарабыт”, — диэн кэпсээтэ.
Быйыл сайын от ыйыгар норуоттар икки ардыларынааҕы Интеллектуальнай оонньуулар буолаары тураллар. Итини биирдэ ыытыллар тэрээһин курдук аһаран кэбиспэккэ, биһиги оҕолорбут кыра саастарыттан научнай-техническэй үлэҕэ сысталларыгар салайыахтаахпыт диэн быһаарда. Санатан эттэххэ, Интелектуальнай оонньууга сибээстээх бастакы тэрээһиннэр буолбуттара. Ол курдук, “Инникэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэ. Итиннэ оҕолор дакылааттарын англия тылынан көмүскээбиттэрэ. Саха сирин хамаандатыттан Интеллектуальнай оонньууга кыттар оҕолору ити кэмпириэнсийэттэн сүүмэрдиэхтээхтэр. Онон эспиэрдэр оҕолор наукаҕа сыстаҕастарын эрэ буолбакка, англия тылын төһө билэллэрин эмиэ көрбүттэрэ. Аны оскуола иннинээҕи уонна кыра кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах “Мин — чинчийээччибин” диэн тэрээһини ыыппыттара. Онон биһиги оҕолорбутугар научнай толкуйу иҥэрэр хайысхалар бааллар диэн миниистир чопчулаан эттэ.
This post was published on 25.01.2018 14:41 14:41