2017 сылга Олоҥхо Ыһыаҕа Бүлүү куоратыгар ыытыллыаҕа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2014 с. бэс ыйын 19 күнүнээҕи 2729 №-дээх ыйааҕынан 2016-2025 сылларга Олоҥхо иккис Уон сылынан биллэриллибитэ. Бу дьаһалга олоҕуран, Олоҥхо ыһыаҕа 2017 сылга Бүлүү куоратыгар ыытыллара быһаарыллыбыта.


Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн, «Олоҥхо дьиэтэ» Духуобунас киинигэр улуустааҕы «Олоҥхо ыһыаҕа: төрүт үгэс, сиэр-туом» диэн Форум ыытылынна. Форумҥа идэлээх дьонтон сүбэ-соргу ылан, элбэҕи ырыттылар, сыныйан, ыраҥалаан көрдүлэр, барыллаан былаан чопчуланна.

Улуус баһылыга Сергей Винокуров: «Аны биир сылынан Бүлүү улууһугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар уонна улуу киһибит, култуура эйгэтигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит Марк Николаевич Жирков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии үлэлэр саҕаланнылар. Уопсастыбанньыктарга уонна улууһум олохтоохторугар сүбэни холбоон барытын үрдүк таһымнаахтык, тэрээһиннээхтик ыытыахпыт диэн бүк эрэнэбин», — диэн билиһиннэрдэ.

Олоҥхо театрын художественнай салайааччыта Андрей Борисов баһылыктаах улахан бөлөх форумҥа кыттан,  Ыһыаҕы туохтан, хантан иилээн-саҕалаан ыытыахха сөбүй диэнтэн саҕалаан, тутуутугар-хабыытыгар, алгыс сиэригэр-туомугар, ыһыах таҥаһыгар-сабыгар, иһитигэр-хомуоһугар, саха төрүт хамсаныыларыгар тиийэ дьүүллэстилэр.

This post was published on 16.03.2016 12:54 12:54