2016 сыл иккис кварталыгар олоҕу олоруу алын кээмэйэ бигэргэннэ

Саха сирин бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэ социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуутугар кэккэ уураахтары ылла. Сыл иккис кварталыгар олоҕу олоруу алын кээмэйэ бигэргэннэ.


Бастакы кварталы кытта тэҥниир буоллахха, үрдээһин 0,9% тэҥнэстэ. Ити туһунан брифинг кэмигэр Үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Александр Дружинин эттэ.

Миниистир эппитинэн, олоҕу олоруу алын кээмэйэ биир киһиэхэ тиксэринэн 16095 солк. тэҥнэстэ. Ол курдук, үлэлиир дьоҥҥо 16974 солк., пенсиялаахтарга — 12880 солк., оҕолорго — 16704 солк.

Олоҕу олоруу алын кээмэйэ пособиены, субсидияны, о.д.а. социальнай төлөбүрдэри олохтуурга аахсыллар.

This post was published on 25.08.2016 16:15 16:15