2000 – 2007 сылларга Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгынан үлэлээбит Михаил Михайлович Донской бүгүн үбүлүөйдээх күнэ. 60 сааһа! Кини 20-тэн тахса тыһыынча нэһилиэнньэлээх улахан оройуоҥҥа “ХХ үйэни дьоһуннаахтык, ХХI үйэҕэ эрэллээхтик” диэн девизтээх үлэтин саҕалаабыта. Сайдыы өссө биир кэрдиис кэмин ситиһиилээхтик салайбытын история умнубат. Сэттэ сыл устата элбэх дьаһал ылылыннаҕа, онтон саамай сүрүнэ – Хотун Бүлүү кытылынан киэҥ сири тайаан сытар территорияҕа дьон олоҕун уйгутун тупсарыы, саҥа үйэҕэ кэскилгэ үлэлээһин буолбута.
2000 сыл сэтинньи 26 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын быыбара буолар. Бу иннинэ улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан үлэлээбит Михаил Донской талыллар. Быыбардааччы 66,93% куолаһын ылар. Ол күнтэн 2007 сылга диэри сыал-сорук туруорунан ылыммыт «Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай-экономическай сайдыыта» бырагыраама улуус олохтоохторун сайдыыбыт төрүөтүнэн буолар.
Салгыы 2004 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун социальнай-экономическай сайдыытыгар туһаайыллыбыт бырагырааманы Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата бигэргэтэр. Үбүлээһин көрүллэн, тосхолго киллэриллибит былааннар туолан бараллар.
— Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга усулуобуйа тэриллэр: Намҥа 200 төбө киирэр баараҕай хотоно, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр ас-үөл кэмбинээтин саҥардыы, племенной хаһаайыстыбалар, сылгы баазалара арыллаллар. Дьон хаһаайыстыбатыгар туттар ууларын ситимэ тардыллаллар, заправкалар үлэлииллэр.
— 2006 сыллаахха гаас киирэр. Бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров бэйэтинэн тиийэн бастакы утаҕы Харбалаахха күөдьүтэр.
— Цифровой сибээс, радиобашнялар тутуллаллар, Туобуйаҕа өр күүппүт спутниковай сибээс киирэр. Интернет киириитигэр бастакы кэпсэтиилэр саҕаланаллар.
— Ис суоллары, муосталары тутуу тыын суолталаналлар, Чыбыыда муостатын тутууга бастакы олук ууруллар.
— Социальнай, производственнай эбийиэктэр: оскуолалар, ФАП-тар, киин поликлиника, спортсаалалар, музейдар, хочуолунайдар, АЗС-тар, олорор дьиэлэр уо.д.а. тутуллаллар, өрөмүөннэнэллэр.
Аны 2006 сыл тохсунньу 11 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ В.А. Штыров «Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона) муниципальнай тэриллии социальнай-экономическай сайдыытын боппуруостара» диэн мунньах ыытар. Онно боротокуол суруллар. Туолуутун көрүҥ эрэ:
— Поликлиника тутуутун бырайыактыыр-чинчийэр үлэтэ түмүктэнэн экспертизаҕа бэрилиннэ;
— «Бүлүү» трассатыгар «Дьуоҕалаах» уонна «Туора-Күөл» үрэхтэргэ муоста тутулунна;
— Тамалакаан, Ороһу, Нам, Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр гаас хочуолунайдара үлэҕэ киирдилэр;
— Үөһээ Бүлүү киинигэр водозабор тутуутун үбүлээһин 2008 сылга инвестиционнай бүддьүөт бырайыагар киллэрилиннэ;
— Төлөпүөнүнэн сибээс бары нэһилиэктэргэ киллэрилиннэ;
— Дьокуускай — Үөһээ Бүлүү сибээс спутниковай линията тутулунна;
— Боотулууга «Туймаада-нефть» АЗС үлэлээтэ;
— Ороһу — Нэгэдьээк шлюз-регулятора капитальнай өрөмүөннэнэн үлэҕэ киллэрилиннэ;
— Кырыкыйга уонна Туобуйаҕа үүт модульнай комплекстара тутулуннулар;
— Улуус киинигэр механизированнай сүөһүнү өлөрөр сыах оборудованиета кэллэ;
— Хороҕо спортивнай саала тутуута саҕаланна о.д.а..
Бу докумуон улуус олоҕор-дьаһаҕар ураты суолталаах буолан, кэлэр сайдыыга хайысхалары чопчулаан, соруктары туруоран, салгыы элбэх үлэ ыытылларыгар өйөбүл буолбута.
«ХХ үйэни дьоһуннаахтык, ХХI үйэҕэ эрэллээхтик»
«Бу эппиэттээх, сүдү суолталаммыт хамсааһын улуус олохтоохторун түмэр, көҕүлүүр сыаллаах ыытыллар. Нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы күрэхтэһии суолтата сүрдээх дириҥ. Бастатан туран, үлэҕэ күүстээх хамсааһын таҕыста, сомоҕолостубут», — диэн оччолорго Михаил Донской биир интервьютугар эппиттээх. Дьаһал тоҕус хайысханан ыытыллыбыта: үөрэҕирии; доруобуйа харыстабыла; экология; тупсарыныы; култуура, норуот айымньыта; демография, чөл олох, дьиэ кэргэн; ыччат, спорт; уопсастыбаннай бэрээдэк; дьиэ тутуута; тыа хаһаайыстыбата; төрөөбүт түөлбэни үөрэтии. Хомустаах (баһылык И.А. Санников), Тамалакаан (З.И. Федорова), Боотулуу (Ф.Ф. Чугунов), Балаҕаннаах (А.Т. Прокопьев), Кэнтик (Ф.Л. Николаев), Хоро (И.И. Тарасов), Быракаан (М.С. Адамова), Ороһу (В.А. Бырдакаров), Дүллүкү (И.И. Ан) бастыҥнарынан ааттаммыттара. Бу чахчы сомоҕолоһууга далааһыннаах хамсааһын этэ.
Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ
СӨ Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев алтынньы 12 күнүгэр «2000 сылга — 2000 үтүө дьыаланы» диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһыны тэрийэр туһунан Ыйааҕа тахсыбытын дьон-сэргэ олус сэргии, сэҥээрэ ылыммыта. Бэрт кылгас кэм иһигэр бары улуустар былаан ылынан, сорук туруорунан үлэлээн барбыттара. Ол иһигэр, Үөһээ Бүлүү улууһа 100 үтүө дьыаланы былаан ылыммыта. Үтүө дьыалалар сүрүн хайысхаларынан — тутуу уонна үөрэҕириини өйөөһүн буолбута. Холобурга, Дүллүкү нэһилиэгэ меценатствонан дьарыктанан үчүгэй үөрэхтээх үөрэнээччилэригэр болҕомто уурар. Өргүөт нэһилиэгэр кулууп тутуллар, Тамалакааҥҥа «Чэбдигирдэр Киин» арыллар. «Мээнэкээн» үрэҕи туоруур муоста, Хоро нэһилиэгэр гараж, спортсаала тутуллаллар, сылгы базата үлэҕэ киирэр, Ороһуга «Чайной» үлэлиир, култуурунай-спортивнай комплекс тутуллар, Туобуйаҕа пилорама үлэлиир, Быракааҥҥа уонна Көтөрдөөх учаастагар саҥа хочуолунайдар, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр столярнай мастарыскыай, халбаһыы оҥорор сыах о.д.а. үлэлэр оҥоһулуннулар. Бу барыта спонсордар, меценаттар уонна олохтоохтор күүстэринэн, көҕүлээһиннэринэн, дьайыыларынан ыытыллар. Нэһилиэктэр саҥа үйэҕэ саҥалыы көрүүлэнэллэр, сайдыыга кимиилээхтик киирсэллэр, дьон өйө-санаата уларыйар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин кыайыылааҕынан Үөһээ Бүлүүттэн Ороһу нэһилиэгэ (баһылык А.В. Антонов) ааттанан, бырабыыталыстыба гранын хаһаайынынан буолла.
Тыа хаһаайыстыбатыгар механизацияны, аныгы технологиялары киллэрии саҕаламмыта
2000 сыл алтынньы 13 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Саха сирин бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев кэлэн «Үүнүү-2000» тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйаларын көрүү-быыстапкаҕа бэйэтинэн кыттар. Манна нэһилиэктэр олохтоохторо оҥорон таһаарар уонна дохуот киллэринэн бородууксуйаларын көрдөрөллөр, хото атыылыыллар. Эт, оҕуруот, сир аһын арааһа, булт этэ, кымыс, халбаһы оҥорор саҥа сыах бородууксуйата. Этэргэ дылы, «күн талбыта» барыта баар. Итини таһынан, улууска аан бастаан оҥоһуллубут уотурба, бурдук көрдөрүллэр. Өссө Дүллүкү нэһилиэгиттэн В.Е. Афанасьев уонна М.М. Федоров урукку быраҕыллыбыт тиэхиникэлэр чаастарыттан таҥан оҥорбут «буровой станоктара», «от охсор» мини-тыраахтырдара дьон болҕомтотун тардар.
Михаил Ефимович быыстапкаҕа сылдьан, хас биирдии оҥорон таһаарааччыны кытта тустаан кэпсэтэн, санааларын истэн баран этэр: «Биир дьиэ кэргэн сыллааҕы дохуота сүүс тыһыынча солкуобай буоларын ситиһиэхтээхпит. Дохуот киллэриитигэр үлэлэһиҥ. Элбэх сүөһүнү, көтөрү тутуҥ. Биһиги көмөлөһүөхпүт», — диэн эттэ.
Үөрэхтэнии — уйгулаах олох мэктиэтэ
Михаил Донской үлэлиир кэмигэр үс мэндиэмэннээх, аныгылыы тииптээх анал бырайыагынан оҥоһуллубут баараҕай тутуу — гимназия — үлэҕэ киирбитэ. Ити кэмнэргэ бу үөрэх кыһатыгар үс наука кандидата, элбэх аспирантураҕа үөрэнэр киһи, чинчийээччилэр үлэлииллэрэ. Онон саҥа эбийиэктээх Үөһээ Бүлүүтээҕи гимназия региоҥҥа научнай-сырдатар үлэ киинигэр кубулуйар. Научнай куруһуоктар, чинчийии үөрүйэхтэрэ, инициатива, айымньылаах үлэ, саҥаҕа, үчүгэйгэ дьулуһуу үгүс элбэх ситиһиини сиэтэн аҕалар.
Улуус историятын суруйуу саҕаламмыта
Биирдиилээн нэһилиэктэринэн аттарыллан улуус историятын кэпсиир кинигэ серията баар буолуута улуус салалтатын тэрийиитинэн ыытыллыбыта. Улууспут 70, Улуу Кыайыы 60 сыллаах үбүлүөйдэрин көрсө, кэлэр көлүөнэҕэ өйдөбүнньүк хаалларар сорук туруорунан, кулун тутар 23 күнүгэр 2004 сыллаахха улуус баһылыгын М.М. Донской дьаһала тахсыбыта. Дьаһал биир бастакы уонна суолталаах пуунунан нэһилиэктэр историяларыгар илиинэн суруллуулары хомуйан, редакциялаан, бэчээккэ бэлэмнииргэ анал редколлегия тэриллибитэ буолар.
Улуус баайа – кини дьоно
Михаил Донской үлэтин сүрүн сыалынан дьон төрөөбүт түөлбэлэригэр байылыаттык дьаһанан олороллоругар усулуобуйа тэрийиитэ буолара. Ону 2007 сыл тохсунньу ый 1 күнүнээҕи статистика сыыппаралар туоһулууллар. Улууска 28 нэһилиэнньэлээх пуун 21 муниципальнай тэриллии холбоһугар 21481 киһи олорор. Биир кэлим государственнай регистрга көстөрүнэн, Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар 231 юридическай сирэй, ол иһигэр бас билиилэринэн чуолкайдаатахха: федеральнай – 24, республикатааҕы — 36, муниципальнай – 99, бэйэ бас билэр 47 тэрилтэтэ баар. Потребительскай обществолар – 5 төгүл, Россияны кытта холбоһуктаах бас билиигэ – 15 төгүл эбиллии бэлиэтэнэр, маны сэргэ үс общественнай, икки туспа тэрилтэ бэйэлэрин хайысхаларын булан үлэлииллэр. Ыытыллар үлэ сыала — дьон олоҕун таһыма хаачыстыба өттүнэн тупсуутугар уонна сайдыытыгар ананар. Бу сылларга, 1999 сылы кытта тэҥнээн көрдөххө, ыйга биир киһиэхэ ортотунан тиксэр дохуот 4, орто хамнас 5 төгүл үрдээтэ. Дохуот уонна олох минимума икки ардыгар араастаһыы 0,78-тан 1,06 тэҥнэстэ, оттон орто хамнас уонна олох минимума 1,06-тан 1,60 тиийдэ.
Михаил Михайлович Донской: «Ханнык баҕарар киһи аҥардас күн сирин кэрэтин көрбүтүн иһин төрөппүттэрин, дойдутун иннигэр туруулаһыахтаах, кинилэр кэскиллэрин кэҥэтиһиэхтээх дии саныыбын. Быһатын эттэххэ, кини патриот буолуохтаах. Ол чиэспин чуолаан төрөөбүт-үөскээбит Үөһээ Бүлүүбэр улуус баһылыгынан үлэлээбит кэмнэрбиттэн саҕалаабыппар дьылҕабар уонна эһиэхэ, биир дойдулаахтарбар, махтанабын. Сороҕор түһүүлээх, ардыгар өрө күүрүүлээх күннэри-дьыллары бары бииргэ сомоҕолоһон, бэйэ-бэйэбитигэр эрэнсэн, өйөһөн үлэлээбиппитинэн киэн туттабын. Бу барыта тапталлаах Үөһээ Бүлүүбүт чэчирии сайдарыгар, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр ананар. Эһиэхэ доруобуйаны, или-эйэни, инникигэ эрэллээх буолууну баҕарабын».
2000 – 2007 сылларга Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар чахчы күүстээх хамаанда үлэлээбитэ: Иванов Георгий Егорович, Егорова Тамара Игнатьевна, Лазарев Иван Васильевич, Кононов Геннадий Васильевич, Тимофеев Константин Егорович, Семенова Надежда Александровна, Адамова Марина Спиридоновна, Петрова Людмила Лазаревна, Николаев Василий Филиппович, Золотарева Глафира Степановна, Салашина Саргылана Николаевна, Павлов Василий Васильевич, Семенова Сардана Александровна, Александрова Лена Николаевна, Кондаков Иван Иванович, Донской Михаил Гаврильевич, Константинов Алексей Александрович.
Кинилэр бүгүн Михаил Михайлович Донскойу үөрүүлээх үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлииллэр: “Салайар талааннаах, энергичнай уонна эппиэтинэстээх, сайдыыга саамай балысхан былааннары олоххо киллэрэр, саҥа быһаарыылары ылынар кыахтаах, дьон олоҕун тупсарыыга уларытыылары киллэрэргэ бэлэм салайааччы быһыытынан билинэбит. Саҥалыы көрүүлээх, чахчы тыа сирин олоҕун билэр тэрийээччи буолан, кинини кытта үлэлииргэ олус интэриэһинэйэ. Баһылыкпыт этиилэрэ олус суолталаахтарын, дириҥ толкуйдаахтарын билэрбит. Ол иһин дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга оҥорорго-тутарга, социальнай-экономическай кыаҕы туһанарга күүстээхтик ылсарбыт. Кини энтузиазма, идэтин баһылаабыта, күүһэ-күдэҕэ, уопута билигин да элбэх былааны олоххо киллэрэригэр ситиһиинэн ситэриллэн истин. Ис сүрэхтэн доруобуйаны, эйэлээх олоҕу, үтүөнү баҕарабыт!”.
Ааптар: Полина Николаева, 1999 — 2003 сылларга улуус дьаһалтатын пресс-сэкирэтээрэ