2-с нөөрүктээйилэр кырдьаҕастарын мууһунан хааччыйдылар

Үһүс сылын Өлүөхүмэ улууһун 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгин эр дьоно эдэр баһылык Михаил Терентьев, солбуйааччы Сергей Андреев салалталарынан нэһилиэк саастаах олохтоохторун, соҕотох олорор дьонун мууһунан хааччыйдылар. Быйыл 2,5 куб мууһу 27 ыалга тиэйдилэр.   


Сорошевтар дьиэ кэргэннэрэ эр дьоҥҥо махталларын тиэрдэллэр. «Дьон болҕомтото, кыһамньыта сарсыҥҥыга эрэли үөскэтэр. Биир дойдулаахтарбытыгар истиҥник махтанабыт. Оҥорбут үтүөлэрэ бэйэлэригэр уон оччонон төнүннүн», — дэһэллэр кинилэр.

This post was published on 13.11.2020 15:09 15:09