120 кэриҥэ киһи 2%-наах ипотека кирэдьиитинэн туһаныан баҕарарын биллэрэн сайаапка киллэрбит. Докумуоннар дойду үпкэ тэрилтэлэригэр көрүүгэ сыталлар. Ол туһунан Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистир Александр Козлов Москваҕа пресс-конференцияҕа эттэ.
Санатар эбит буоллахха, ахсынньы 7 күнүгэр Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев Уһук Илиҥҥэ эдэр ыаллар 2%-наах ипотеканан туһаныыларыгар бырагырааманы олоххо киллэриигэ уураахха илии баттаабыта. Сонун дойдуну биир гына тилийэ сүүрбүтэ. Бастакы кирэдьииттэр Владивостокка бэриллибиттэр.
Александр Козлов иһитиннэрбитинэн, Россия кирэдьииттиир тэрилтэлэрин кытта улахан үлэ ыытыллыахтаах. Билигин кирэдьиити икки баан биэрэр. Сотору кэминэн ахсааннара эбиллиэхтээх. Ураты болҕомто дьиэни тутааччыларга ууруллар.
«Сүрүн соругунан 2 бырыһыаннаах ипотеканы ылыан баҕалаахтар туох да хааччаҕа суох кирэдьиити ылыахтаахтар. Манна тутааччылары кытта үлэ барар, дьиэ сыаната үрдүө суохтаах. Маны сэргэ бу кирэдьиитинэн эдэр ыал эрэ буолбакка, «Уһук Илиҥҥи гектардаах» киһи дьиэ туттар буоллаҕына эмиэ ылыан сөп», — диэтэ кини.
Миниистир эбэн эппитинэн, тыа сиригэр иккис ырыынакка дьиэни атыылаһыыга бу кирэдьиити эмиэ туһаҕа туруорар былааннаахтар.
«Биһиги аҕыйах саҥа тутуулардаах нэһилиэнньэлээх пууннарга маны киллэрэр былааннаахпыт. Оччоҕуна кэмигэр тутааччы саҥаттан саҥа территорияҕа кэлэн дьиэни дьэндэтиэ», — диэн Козлов эттэ.
Саха сиригэр 2%-наах ипотека кирэдьиитин ылыан сөптөөх 8,7 тыһ. ыал баар. Оттон «гектарынан» — 8 276 киһи, ол иһигэр 2 тыһыынча киһини кытта дьиэ тутуутугар дуогабардар түһэрсиллибиттэр.
This post was published on 16.12.2019 15:03 15:03