2 %-наах ипотека ирдэбилин сырдаттылар

Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ 2 %-наах ипотека хайдах бэриллэрин сырдатта.


Чэпчэтиилээх ипотекаҕа эдэр ыаллар уонна «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраамаҕа кыттыспыт дьон хапсаллар. Кэргэнниилэр саахсаланан ыал буолан олорбуттара биир сылтан ордубут, иккиэн Россия гражданнара итиэннэ 35 саастарын туола илик буолуохтаахтар.

Өссө биир ирдэбилэ —  кэргэнниилэртэн биирдэрэ хайаан да Уһук Илиҥҥи уокурукка пропискалаах буолуохтаах. Ол эрээри эдэр ыаллартан биирдэстэрэ 35 сааһын ааспыт эбэтэр 18 сааһын туола илик оҕолоох буоллахтарына бу чэпчэтиилээх ипотекаҕа эмиэ хапсыахтарын сөп.

Ипотека болдьоҕо 20 сылга диэри, суумата 6 мөлүйүөн солкуобайы аһарыа суохтаах. Маҥнайгы төлөбүр ипотекалаах кирэдьиит 10 %-гар тэҥнэһиэхтээх. Кыбартыыраны саҥа эрэ дьиэҕэ ылыахха эбэтэр «Уһук Илиҥҥи гектарга» саҥа дьиэ туттарга туһаныахха сөп.

Тустаах бырагыраама биэс сыл үлэлиэҕэ. Бу дьыл сэтинньи-ахсынньы ыйдарыгар олоххо киириэ.

This post was published on 04.10.2019 11:32 11:32