Муниципальнай тэриллиилэргэ 2,6 млрд солк үүтү оҥорон таһаарааччыларга ыытылынна, бу көрүллүбүт субвенция 86,44%-н ылар. 2022 сылга барыта бу сыалга улуустар 3,1 млрд солк тутуохтара.
«Маны сэргэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьонтон үүт ылыыга 58 мөл солк судаарыстыбаннай өйөбүл көрүлүннэ», – диэн тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов эттэ.
Соҕотуопкалыыр тэрилтэлэр кэтэх хаһаайыстыбалаахтартан 1 киилэ үүтү 20 солк кырата суох суумаҕа атыылаһалларыгар субсидия 1 киилэ үүккэ 10 солк көрүллэр.
Бэс ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, бары хаһаайыстыбаларга 14 122 туонна үүт туттарылынна, сыллааҕы былаантан 22,8 % туолла (62 тыһ туонна).
Министиэристибэҕэ эппиттэринэн, быйыл 35 үүтү соҕотуопкалыыр тэрилтэ үлэлиир. Саамай элбэх 4 тыһ туоннаттан элбэх үүт тутулунна Сунтаарга, Чурапчыга, Хаҥаласка, Аммаҕа, Тааттаҕа, Бүлүүгэ.