1942-1945 уоттаах сэрии сылларын кэнниттэн норуот саҥа култуурунай-маассабай олоҕу туппута. 1947-50-с сыллар. Тумул сэлиэнньэтэ. Сэрии бүтэн эр дьон дойдуларыгар кыайыылаах эргиллэн үөрүү-көтүү бөҕө. Эдэр-эмэн ыччат саҥа олоҕу өрө күүрүүлээхтик тутан, хамсанан барбыта.
Сэрии кэнниттэн тута Тумул сэлиэнньэтин бөдөҥсүтүү үлэтэ саҕаламмыта. Дэриэбинэ арҕаа өттүнэн сабыс-саҥа дьиэ бөҕө кылбайан кэккэлээбитэ. 1947 сыллаахтан дьон мустар-тоҕуоруһар сиринэн оччолорго арҕаа турар кулууп дьиэтэ буолбута (билигин Александра Егоровна Максимова дьиэтин оннугар турбута). Кулуупка колхуос бырабылыанньата, олохтоох сэбиэт, киинэ көрдөрөр уонна мунньахтыыр улахан саала, почта хоһо баара. Бу улахан тэрилтэҕэ олус сэргэх хоһунан олохтоох дьон почта хоһун ааттыыллара, онтон почта таһааччылары кассабыыктар (кольцевиктар) диэн ыҥыраллара. Туох-баар саҥа сонун-нуомас, сурук, хаһыат бу хостон тахсара. Улахан бырааһынньыктарга Емельянов Иннокентий-Тээппээн Лэһэнтэй олоҥхолуурун истээри чугас эргиннээҕи сирдэртэн дьон бөҕө мустара. 1947-1948 сылларга Тиит-Арыы нэһилиэгиттэн киинэ (передвижка) аҕалан көрдөрөллөрө. Саҥа киинэ буолуон иннинэ сырыы аайы сэрии туһунан киносурунаал көрдөрөллөрө. Арай биирдэ Чапай туһунан киинэ буолар диэн дьон бөҕө муһунна. Оҕолор экран иннигэр, ким ханна миэстэ булбутунан сытан эрэ көрөллөр. Киинэ ортолоон эрдэҕинэ поезд ыһыытаан-хаһыытаан утары кэлбитигэр көрө олорор оҕолор хаһыытаабытынан куттанан ким ыскамыайка кэннигэр түспүт диэн, ким дьон кэннигэр хоргойбут диэн араас түгэннэр баар буолаллара.
Киэҥ сиргэ тардыстан Батамаайы Дьаамыттан, Уһун-Кытылтан, Үрдүк-Кытылтан, Хайа-Баһыттан, Хайырҕастан дьон Тумулга көһөн олохсуйар, үгүс оҕолоох-уруулаах дьон элбиир. Кыра кулууптарын дьиэтигэр баппакка 1952 сыллаахха эргэ кулууп дьиэтин көһөрөн, эбии кэҥэтэн киэҥ-куоҥ саҥа кулууп Өлүөнэ биэрэгин үрдүгэр тутан дэндэтэн таһаараллар. Кулуубу тутууга Хаандыгаҕа өр кэмнэргэ болуотунньугунан үлэлээбит Семенов Дмитрий Николаевич салалтатынан тутуу биригээдэтэ үлэлиир. Олус мындыр уус дьон-Соловьев Гаврил Николаевич, Христофоров Петр Кузьмич, Христофоров Дмитрий Андреевич-Бөөкүс болуотунньуктаан кулууп дьиэ толору тэрилин барытын оҥорон 1953 сыллаахха олохтоох нэһилиэнньэҕэ туттараллар. Кырдьаҕас дьон кулууп киэҥин-куоҥун махтайа көрөн “атынан хаамтарар сир буолбут”- дэһэллэрэ. Ону сэҥээрбиччэ 70-чалаах эһэбит, Христофоров Николай Александрович-Ньукууһа оҕонньор «кулууп дьиэтигэр киирэн маҕан атын миинэн хаамтаран ааспыт үһү”- диэн билиҥҥэ диэри уос-номоҕо оҥостон кэпсииллэр. Саҥа кулуупка сэбиэдиссэйинэн Егор Егорович Христофоров үлэлиир. Онно олохтоох сэбиэт, колхуос правлениета, саҥа библиотека, киноустановка үлэлээн барбыттара. Кыракый хоско олох саҥа сайдыытын биир көрүҥэ “Родина” радиоузел ситимэ киирэр. Радионы дьаһайан Ащепков Андрей Кирикович үлэлэтэр. Олохтоох дьон саҥа тэрил сонуннары кэпсиирин сэргээн, чааһынан кэлэн мустан истэллэрэ. Кэлин колхуостары холбоһуктааһын саҕана Батамаайыттан көһөн кэлбит эдэр уол, комсомолец Строев Владимир Романович хойукка диэри радистаабыта, Тумул дьоно Владимир Романовичка “Радист Володя”- диэн аат иҥэрбиттэрэ.
Сэрии кэнниттэн 20-чэлээх комсомолецтар араас бачыын көтөҕөн нэһилиэк култуурунай олоҕор актыыбынайдык кытталлара. Ол курдук 1949-50-с сылларга биэрэктэн 100-чэкэ миэтэрэ ыраах турар (билигин маҕаһыын утарыта Семенов Дмитрий Дмитриевич дьиэтэ турар сирэ) кытыан эрбэһин үүнэр тыатын, үгүс дулҕалаах маары солоон, турар уутун хоруу хаһан өрүскэ сүүрдэн ыраастаан, күрүөлээн-хаһаалаан, трибуна тутан ыһыахтыыр площадка туталлар. Күүстээх үлэ кэнниттэн дьон мустан сынньалаҥын атаарарга анаан былаахынан үҥкүүлүүр муоста, волейболлуурга баҕана туруортаан спортивнай площадка оҥостоллор. Сэрии кэминээҕи эдэр ыччаттар Христофоров Егор Егорович, Прокопьев Максим Николаевич, Максимов Семен Петрович, Свинобоев Дмитрий Николаевич, Христофоров Егор Иванович, Христофоров Николай Родионович, Охлопков Николай Петрович, Емельянов Тимофей Егорович, Охлопков Семен Сергеевич, Гаврильев Василий Григорьевич, Громов Василий Иванович, Христофорова Октябрина Николаевна, Аммосова Анна Кузьминична, Кузьмина Евдокия Ивановна, Соловьева Анастасия Алексеевна, Христофорова Анна Родионовна, Максимова Татьяна Петровна, Охлопкова Елизавета Павловна, Максимова Анастасия Николаевна, Архипова Евдокия Павловна, Архипова Прасковья Иннокентьевна, Громова Варвара Ивановна уо.д.а бааллара. Кинилэртэн үгүстэрэ сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор этилэр. Сэрии сылларыгар кыайыыны уһансаары кыһалҕаттан үөрэхтэрин быраҕан улахан дьону кытта тэҥҥэ хара сарсыардаттан киэһэ им сүтүөр диэри колхуос ыарахан үлэтигэр сылдьыбыттара.
1950 сыллаахха Улуу Кыайыы 5 сылыгар анаан эдэр дьон күүһүнэн тутуллубут саҥа ыһыахтыыр сир үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйаллар. Ыһыахха IV Малдьаҕар сэбиэтин бэрэсэдэтээлэ Христофорова Мария Ивановна- Сэбиэт Маайыс трибунаттан ыһыы уонна ферма үлэтин отчуоттуур. Ыһыахха анаан Хайа-Баһыгар, Ньаргыйаҕа, Уһун-Кытылга, Булгунньахха ыабыт биэлэрин кымыһынан, эмис үтэһэлээх этинэн түһүлгэҕэ кэлбит дьону матарбакка маанылыыллар. Модьу-таҕа көрүҥнээх саас ортолоох киһи сири иһиттэн арыы-сыа уста сылдьар уохтаах кымыһын удьаа хамыйаҕынан баһан ылан айах чорооннорго кутаттыыр. Эдэр ыччат түһүлгэни кэрийэ сылдьан толору кымыстаах чороонноруттан мустубут дьон оҥойор айахтаах чороонноругар, куруускаларыгар кутан күндүлүүллэр. Түһүлгэнэн аһааһын кэнниттэн дьон оһуохайдаан тэйэр, күүстээхтэр тусталлар, быһыйдар куоталаһаллар. Атах оонньуутугар Христофоров Дьөгүөккэ-Уйбаанабыс кими да тулуппат этэ. Кыргыттар даҕаны хаалсыбаттар этэ, ол курдук мас тардыһыытыгар күүстээхтэринэн Белых Боккуой, Черкоева Өлөксөөндүрэ аатыраллара.
1950-с сыллар бүтүүлэригэр учуутал идэлээх Рожина Александра Николаевна кулуупка үлэҕэ киирэн, дэриэбинэ култуурунай сырдатар олоҕор сэргэхсийиини киллэрэр. 1954 сыллаахтан библиотекарынан эдэр Лебедева Анна Степановна диэн Дьөппөнтөн төрүттээх эдэр кыыс үлэлии кэлэн библиотека иһэ толору ааҕааччынан туолар. Эдэр, кыраһыабай кыыс тула олохтоох комсомол уолаттар мустан кинигэ, хаһыат ааҕаллар, саахыматтыыллар, дуобаттыыллар. Ол курдук олохтоох кулууп уонна библиотека общественность духуобунай киинигэр кубулуйар, уус –уран айымньыны пропогандалааһын уонна киһи бэйэтэ үөрэнэнэн сайдарыгар олук буолар. Сылын аайы күһүҥҥү үлэ үмүрүйдэ да эдэр ыччат мустан кулууп үлэтэ күөстүү оргуйан барара. Иллэҥсийдэр эрэ гармошка, балалайка, мандолина доҕуһуолунан “Падеграс”, “Ту-степ”, “Краковьяк”, “Полька”, вальс үҥкүүлүүллэрэ. Муусукаһыттарынан балалайкаҕа Максимов Семен Петрович, хормуоскаҕа Охлопков Николай Петрович, Христофоров Охоноос оонньууллара. Ордук Гаврильев Василий, Максимова Татьяна, Романова Татьяна, Матвеева Анисия, Христофорова Анна, Охлопков Николай, балтылыы-эдьийдии Татьяна, Пелагея, Софья Федоровалар талыллан украинскай, гопак, яблочко үҥкүүлэри үҥкүүлүүллэрэ.
Сэрии сылларыгар IV Малдьаҕардааҕы “Молотов” колхуоска Украина республикатын Полтавскай уобалаһыттан Новгородцев диэн салайааччылаах 8 хаһаайыстыбалаах дьиэ кэргэттэр кэлэн олохсуйа сылдьыбыттара. Кэлии дьон олохтоох сахалары оҕуруот аһын: хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, моркуобу, оҕурсуну, табааҕы, луугу үүннэрэргэ үөрэппиттэрэ. Үлэлэригэр мэлдьи үрдүк көрдөрүүлээх, олус көхтөөх украинецтар үлэҕэ даҕаны, култуурунай сынньалаҥы да тэрийэргэ олохтоох ыччакка холобур буолбут буолуохтаахтар. Эдэр кыргыттар кэлии дьонтон үөрэнэн араас быысыбай, күрүчүөгүнэн былаат, бэрчээккэ баайаллара. Ис уонна утуйар таҥастарын кытыытын үрүмэ курдук нарын куруһубанан кытыылаан таҥнар таҥас тэринэн муода оҥостубуттара. Саас, халлаан сылыйдаҕына араас дьүһүн оҕуруо ойуулаах баттах туттарар сетка баанан, киэргэнэн бэйэ- бэйэлэрин кытта куоталаһаллара. Хохуоллар олохтоох дьахтар аймаҕы хортуоппуйтан сааҥкы борүөктэри буһарарга, тэллэйи тууһурга, тэллэйтэн миин оҥорорго үөрэппиттэрэ. Бука арҕаа норуот үҥкүүтүгэр эдэр ыччаты эмиэ кинилэр үөрэппит буолуохтаахтар. Үгүс дьон кэпсииринэн сэрии сылларыгар украинецтар олохтоох дьону оҕуруот аһын үүннэриитигэр үөрэтэн улахан хоргуйуу тахсыбатах. Сэрии бүппүтүн кэннэ 8 ыал бары дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Тумул олохтоохторо кэлии дьоҥҥо ыарахан кэмҥэ атас-доҕор буолан олорбуттарыгар, элбэххэ үөрэппиттэригэр махталлара олус улахан этэ.
Саҥа кулуупка кыһыл таҥаска араас плакат, лозунг бөҕө суруллан, киирэр ааҥҥа уонна сыана икки ардыгар бырааһынньыктарга ыйанара. Электричество уота киирэ илик буолан киинэни мотуор холбоон баран көрдөрөллөрө. Саҥа кулууп дьиэҕэ Саха сирин бастакы режиссера Спиридон Алексеевич Григорьев салалталаах Дьокуускайтан театр артистара сылын аайы тахсар буолбуттара. Театр 2-3 күн тухары дэриэбинэҕэ туруорар оонньууларын көрөөрү киһи лыык курдук мустара. Кулуупка олорор миэстэ тиийбэтинэн сибээстээн дьон олох мас тутуурдаах кэлэллэрэ, оҕолор муостанан олороллоро. Сценаҕа “Күкүр Ууһу”, “Дьадаҥы Дьаакыбы”, “Нургуһун уонна Лоокуту”- туруорбуттарын олохтоох дэриэбинэ дьоно бары мустан умсугуйан көрбүттэрэ, артыыстартан ордук Устин Нохсооробу, Виктор Саввины, кэргэннии Слепцовтары астыммыттара. Саха театрын гастролларын кэнниттэн, артыыстар оонньообут оруолларыгар олоҕуран Александра Николаевна Рожина салааччылаах комсомолецтар “Күкүр-Уус”, “Лоокут уонна Ньургуһун” спектакыллары туруораллар. Лоокут оруолун кэлбит-барбыт, сырдык сэбэрэлээх Охлопков Ньукуус, онтон Ньургуһуну уһун дьылыгыр уҥуохтаах, нарын-намчы дьүһүннээх Максимова Таня оонньообуттара.
Кэлин дэриэбинэ олоҕор элбэх саҥа култуурунай уларыыйылар киирбиттэрэ. Радио уонна Ильич лаампалара ыал аайы тардыллыбыттара. Эдэр дьон таптаһан, бэйэ бэйэлэрин сөбүлэһэн ыал буолбуттара, оҕо-уруу тэриммиттэрэ. Электростанция, олохтоох балыыһа дьиэлэрэ, 100 сүөһү киирэр хотоно, 36 саҥа дьиэ тутуллан Тумул сэлиэнньэтэ кэҥээн, тупсан испитэ” — диэн 80-чатыгар үктэммит “сэрии сылын оҕото”, Тумултан төрүттээх Мария Дмитриевна Семенова кэпсээнин түмүктээтэ.
Манна ахтыллыбыт дьонтон билигин ким да суох. Ол эрэн хас биирдиилэрин мин төрөппүттэрим кэриэтэ билэр, убаастыыр кырдьаҕастарым этэ. Үйэлэрин тухары үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө колхуос, сопхуос ыарахан үлэтигэр олохторун анаабыт үтүө да дьоннор этилэр. Сэрии сылларыгар уонна сэрии кэнниттэн саҥа олоҕу туппут, ыллаан-туойан, үлэлээн-хамсаан ааспыт эдэр ыччаттарга нохтолоох бэйэм сүгүрүйэбин! Кэлэр көлүөнэ ыччат эйэлээх, тот, көҥүл олохтоох буоларын туһугар олорон ааспыт аҕа саастаах дьоммутугар махталбыт муҥура суох.