1941-1945 сылларга Саха сирэ киһитин сүтүгэ

Киһи аймах олоҕор буолан ааспыт бары сэриилэртэн саамай улаханнара, алдьатыылаахтара уонна кыа хааннаахтара — Иккис аан дойду сэриитэ — история чахчытыгар кубулуйбута быданнаата. Оннук буоллаҕына да сатанар курдук. Итинник түбэлтэҕэ эрэ, олох салҕанан баран иһэр кыахтаах.


Ол эрээри сэрии киһиэхэ, дьоҥҥо, норуоттарга аҕалар иэдээнин-алдьархайын, сыыйа-баайа да буоллар, умнууга-тэмниигэ хаалларыы, аахайбат сыһыаны олохсутуу – бэйэтэ иэдээни оҥорууга тэҥнээх дьыала. Саҥа алдьархай төрдө ол буолар, онуоха сытар. Киһи барахсан син биир үөрэммэт, кэһэйбэт, умнар айылгылаах…

Быһыы-майгы хайдах этэй?

Гитлер баһылыктаах Германия Сэбиэскэй Сойууска саба түһэригэр 8,5 мөл. киһилээх аармыйалааҕа. Хонуутааҕы сэриилэригэр (5,2 мөл. киһи) 179 сатыы уонна аттаах, 35 мотуордаах уонна тааҥка дибиисийэлээх, 7 биригээдэлээх этэ. Мантан ССРС утары 119 сатыы уонна аттаах (66,5%), 33 мотуордаах уонна тааҥка (94,3%) дибиисийэлэрэ уонна икки биригээдэ кыраныыссаҕа ыкса турбуттара. Маны таһынан, Германия биир сойуустаахтара Финляндия, Венгрия уонна Румыния 29 дибиисийэлэрэ уонна 16 биригээдэлэрэ эмиэ Сэбиэскэй Сойуус кыраныыссатыгар бойобуой бэлэмҥэ туруоруллубуттара. Басыыстыы Германия уонна кини биир куомуннаахтарын сэриилэрин илиҥҥи бөлөхтөрө 5,5 мөл киһилээҕэ, 47,2 тыһ.  орудиелааҕа уонна минометтааҕа, 4,3 тыһ. тааҥкалааҕа уонна 5 тыһ. кэриҥэ сөмөлүөттээҕэ. Германия Илиҥҥи сэриини саҕалыан иннинэ, итинник сүүнэ күүһү түмпүтэ.

ССРС сэриигэ бэлэмэ хайдах этэй? Биллэрин курдук,  сэбиэскэй Сэбилэниилээх күүстэр бэлэмнэрэ, сэрии саҕаланаары турар кэмигэр, ньиэмэс бойобуой бэлэмиттэн лаппа намыһах этэ.

Сэрии саҕаланарыгар биһиги Сэбилэнилээх күүспүт 303 дибиисийэлээҕэ, ол онтон 198 стрелковай, 13 аттаах, 31 мотуордаах, 61 тааҥка дибиисийэлэрэ этилэр. Мэхэньисээссийэлээх уонна тааҥка дибиисийэлэрэ 29 мэхэньисээссийэлээх куорпустар састааптарыгар киирэллэрэ. 1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Кыһыл Аармыйа уонна Муоратааҕы байыаннай флот састааптарыгар 4 мөл. 800 тыһ. байыаннай сулууспалаах баар этэ.

ССРС арҕаа кыраныыссатыгар түмүллүбүт ньиэмэс дибиисийэлэрэ, байыаннай быһыы-майгы бары ирдэбиллэринэн ситэриллэн толоруллубут күүс этэ. Оттон ол күүһү утары туруохтаах сэбиэскэй сэрии  холбоһуктарыгар уонна чаастарыгар, киһилэрин састааптара, бойобуой тиэхиньикэлэрэ ырааҕынан ситэтэ суох ахсааннаах этилэр.

Бүтэһиктээх сыыппара дуо?

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Сэбиэскэй Сойуус сүкпүт саамай улахан алдьархайынан, кини дьону сүтэриитэ этэ. Ол кыа хааннаах сэриигэ дойдубут саллааттарын эрэ буолбакка, кырасдааныскай нэһилиэнньэтин кытта сүтэрбитэ. Дьэ, чахчыта кыайыы ыарахан сыананан уонна улахан толугунан кэлбитэ. ССРС уопсай сүтүгэ 26,6 мөл. киһинэн ааҕыллар. Бу бэйэтэ биир орто улахан судаарыстыба нэһилиэнньэтэ буолар. Бу сыыппара, учуонай демографтар ыыппыт киэҥ ыстатыыстыкалаах чинчийиилэрин уонна судаарыстыбаннай хамыыһыйа ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр сэрии сылларыгар дойду киһитин сүтүгүн чуолкайдааһынын түмүктэринэн ылыллыбыта. 1990 сыллаахха ыам ыйын 8 күнүгэр, Улуу Кыайыы 45 сылыгар анаммыт ССРС Үрдүкү Сэбиэтин үөрүүлээх мунньаҕар, сүтүк ахсаанын «27 мөлүйүөн киһи» диэн төгүрүтэн биэрэн аһаҕастык биллэриллэн турар.

Бу «26,6 мөл. киһи» диэн сыыппараҕа кыргыс толоонугар охтубуттар, бааһырыы­ларыттан уонна ыалдьан хуоспуталларга, өстөөх концентрационнай лааҕырдарыгар өлбүттэр, сураҕа суох сүппүттэр, буомба­лааһыҥҥа, артылыарыйанан ытыалааһыҥҥа, эйэлээх олохтоохтору маассабай кыды­йааһыҥҥа түбэһэн өлбүттэр, тыылга хоргуйан, ыарахан үлэттэн суох буолбуттар, Германияҕа хаатырга үлэтигэр үүрүллэн барбыттар уонна дойдуларыгар төннүбэтэхтэр –барылара киирэллэр.

Ыраах Саха сириттэн

Ыраах Саха сирин олохтоохторо, Сэбиэскэй Сойуус бары норуоттарын кытта бииргэ, Аҕа дойду көмүскэлин туһугар боруоҥҥа уонна тыылга бэйэни харыстаммакка туран сэриилэспиттэрэ уонна үлэлээбиттэрэ. Саха сириттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт буойуннар, сэбиэскэй сэриилэр оборуоналанар уонна стратегическай кимэн киириилээх бары кэриэтэ бөдөҥ эпэрээссийэлэригэр кыттыбыттара уонна хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кинилэр бэйэлэрин бэргэн ытааччыларынан, бүлүмүөччүктэринэн, хорсун эрэспиэччиктэринэн, артыларыыстарынан, танкыыстарынан, сапердарынан көрдөрбүттэрэ. Саха сириттэн ыҥырыллыбыттартан 25 киһи Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүтэ, 5 буойун «Албан аат» уордьан үс истиэпэнин толору  хабалыарынан буолбута.

Сэрии сылларыгар Саха сириттэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өйдөбүнньүк кинигэ» дааннайынан, сэриилэһэр аармыйаҕа 62509 киһи ыҥырыллыбыта. Мантан 26129 буойун кыргыс толоонугар охтубутунан, сураҕа суох сүппүтүнэн, боруон чугаһынааҕы уонна тыыл хуоспуталларыгар өлбүтүнэн ааҕыллар. 22767 киһи тыыннаах эргиллибиттэргэ киирсэр.

Саха АССР-тан сэриилэһэр чаастары толорууга ыҥырыллыбыттар уонна боруоҥҥа утаарыллыбыттар ахсааннарын туһунан бастакы дааннайдар, Саха АССР Байыаннай хамыссырыйаатын 1943 сыл сэтинньи 10 күнүнээҕи өрөспүүбүлүкэ Совнаркомун бэрэссэдээтэлигэр уонна БРК(б)П уобаластааҕы кэмитиэтин сэкирэтээригэр иһитиннэриитигэр бааллар.

 Оройуон-                1941с.1942 с.1943 с.  Барыта

нардааҕы              

байыҥкамааттар

ааттара

1. Алдан уокур.

байыҥкамаат       3648    6130     1227     11005

2. Дьокуускай

оройуоннааҕы       6678    6127     3377     16182

3. Чурапчы

оройуоннааҕы       2737    3530     2459     8726

4. Өлүөхүмэ

оройуоннааҕы       2011    2372     811      5194

5. Бүлүү

оройуоннааҕы       1597    2541     1330     5468

6. Ньурба

оройуоннааҕы       —          —           968      968

7. Ааллаах-Үүн

оройуоннааҕы       508      749      2073     3330

Барыта                  17179   21449   12245   50873

Саха АССР Военкома,

подполковник                        Шмокарев

Уобалас. Военкомат

1 чааһын нач., майор              Семенов

Сэрии сылларыгар сэриилэһэр аар­мыйаҕа ыҥырыы, биэс холбоһуктаах байыаннай хамыссырыйааттарынан ыытыллара.  Хас биирдиилэригэр үстэн биэскэ диэри оройуон киирэрэ.  Холобур, Алданнааҕы байыҥкамаакка Алдан, Томмот, Төмтөөн уонна Учур оройуоннарыттан ыҥырыллыбыттар киирэллэрэ.

Сыыппаралар араастаһаллар

Сэрии кэмигэр боруоҥҥа аттаммыттар ахсааннарын чуолкайдааһынынан, араас сылларга история наукатын хандьыдаата Д.Д.Петров уонна сэрии бэтэрээнэ, история наукатын хандьыдаата, өрөспүүбүлүкэтээҕи Өйдөбүнньүк кинигэ эрэдээксийэлиир кэллиэгийэтин чилиэнэ П.Н.Токарев дьарыктаммыттара. Бу ааптардар үлэлэригэр 1941 сыл бэс ыйыттан 1945 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри  ыҥырыллыбыттар тустарынан дааннайдар араастаһаллар.

Оройуоннар              Петров Д.Д.    Токарев П.Н.

Амма                        1776                1665

Үөһээ Бүлүү              1993                1833

Бүлүү                        1988                1786

Горнай                      1413                1377

Кэбээйи                    1419                1323

Ленскэй                    2813                2749

Мэҥэ Хаҥалас          3045                2776

Нам                          1184                1116

Ньурба                      1881                1821

Өлүөхүмэ                  2794                2585

Орджоникид-

зевскай                     2540                2412

Сунтаар                     2037                1997

Таатта                       2341                2281

Токко                        324                  —

Уус-Алдан                 2323                2054

Уус-Маайа                 1007                843

Чурапчы                    1598                1580

Дьокуускай               1257                1138

Дьокуускай к.          13706               13048

Алдан                       6639                6503

Төмтөөн                    1862                1840

Томмот                     1326                1288

Учур                         2091                2056

Ааллаах-Үүн              2996                2920

Барыта                     62343               59301

Хос быһаарыы:

«Саха сирин норуоттарын Кыайыыга кылааттара» (1941-1945 сс.). Дөкүмүөннэр уонна матырыйааллар. 1-кы туом». Дьокуускай, 1995». Петров Д.Д. кинигэтэ хаттаан тахсыытыгар, бу дааннайдар, источнигын ыйыыта суох,  СГУ доцена, история наукатын хандьыдаата Петров Ю.Д.  аан тылыттан бэрилиннилэр. Бу кинигэ 1968 сыллааҕы бастакы тахсыытыгар, сэриигэ ыҥырыллыбыттар тустарынан дааннайдар суохтар.

Токарев П.Н. кинигэтигэр маннык суруйар: «ВОХР» үлэтигэр 1784 киһи, 418 дьахтар ыҥырыллыбыт. Байыаннай хамыссырыйаат отчуотунан 62091 киһи ыҥырыллыбыт. Дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыттан, Ленинградтан уо.д.а., 1997 сылга чуолкайдаммытынан, 252 киһи ыҥырыллыбыт. Барыта – 62343».

2005 сыллаахха, Кыайыы 60 сылыгар, «Улуу Кыайыы туһугар» фотоальбом тах­сыбыта. Ол альбомҥа боруоҥҥа ыҥырыл­лыбыттар, сэриигэ өлбүттэр, сураҕа суох сүппүттэр уонна тыыннаах  кэлбиттэр ахсааннарын тустарынан дааннайдар бааллар.

 Оройуон-               Ыҥыр-       Өлбүт.         Эргил-

нарынан                быттар      Сураҕа        либит-

                                             суох           тэр

Дьок-скай к.         18246        9219           9027

Алдан                    11740        4610           7130

Амма                     1738          762             976

Үөһээ Бүлүү          1877          1131           746

Бүлүү                     1786          836             950

Горнай                  886            480             406

Кэбээйи                 1082          305             776

Ленскэй                 3471          908             2563

Мэҥэ Хаҥ.            3767          1912           1855

Нам                       1368          805             563

Ньурба                  2697          1152           1545

Өлүөхүмэ              6067          2127           3940

Сунтаар                 2430          1590           840

Таатта                   1757          832             925

Томпо                    356            68               288

Уус-Алдан             2189          1242           947

Уус-Маайа             2899          1245           1654

Чурапчы                2237          928             1309

Хаҥалас                2194          1134           1060

Барыта                  68787        24455          37500

Саха сирэ сэриигэ дьонун сүтүгүн ту­һунан бу маннык араастаһар дааннайдар бааллар. Сэрии сылларыгар өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ кыччааһынын туһунан кырдьыктаах сыанабылы ылар инниттэн, демографическай ыстатыыстыкаҕа сигэниэҕиҥ.

 Тыа сирин дьоно-сэргэтэ улахан охсууну ылбыта

 Сэрии сылларыгар нэһилиэнньэ ахсаанын хамсааһына (сыл саҕаланыыта, киһи)

Сыл.     Нэһил-ньэ           Ол иһигэр                %-нан

барыта       куорат       тыа         куорат   тыа

сирэ                   сирэ

1941     413125       111564     301564     27,0    73,0

1942     416100       139700     276400     33,6    66,4

1943      405900      146500     259400     36,1    63,9

1944       374900     155200     219700     41,4    58,6

1945       357494     146200     211294     40,9    59,1

Табылыыссаттан көстөрүн курдук,  сэрии сылларыгар тыа сирин нэһилиэнньэтэ улахан охсууну ылбыт. Ол курдук, 90,3 тыһыынча киһинэн аҕыйаабыт, ол эбэтэр 29,9%-нан кыччаабыт. Тыа сирин нэһилиэнньэтэ эмискэ уонна күүскэ аҕыйааһыныгар, эр дьону сэриилэһэр аармыйаҕа ылыы, тыылга олохтоох нэһилиэнньэ — холкуостаахтар, оҕолор уонна кырдьаҕастар ортолоругар — хоргуйууну, күүһү таһынан үлэни уонна эмтээһин мөлтөҕүн кытта сибээстээх маассабай өлүү-сүтүү тахсыыта сүрүн төрүөтүнэн буолбута.

СӨ Национальнай архыыбын кылаабынай археограба Александр Калашников суруйуута.

Прокопий Иванов бэчээккэ бэлэмнээтэ

This post was published on 17.03.2020 15:45 15:45