Ыам ыйын бастакы күнүгэр Үлэ бырааһынньыга бэлиэтэнэр буолбута 3000 сылтан тахсыбыт. Былыргы Италияҕа сири уонна үүнүүнү араҥаччылыыр таҥараны Мая диэн ааттыыллара. Дьааҥылар бу күнү 1899 сыллаахтан бэлиэтииллэр.
Дьааҥы улууһа Үлэ бырааһынньыгын бэлиэтиир буолбута ырааппыт, бастакылар истэригэр киирсэр. Политсыылынай Михаил Иванович Бруснев көҕүлээн, 1899 сыллаахха улахан эбэлэрин кытылыгар Маай бырааһынньыгын бэлиэтээбиттэр.
Быйылгы Саас, Үлэ, Маай бырааһынньыгын, аан дойду үрдүнэн ковид-19 ыарыы туран, маассабай түмсүүлээх тэрээһиннэрин тохтоппуттара. Онон бу күнү хас биирдии ыал чугас дьонун, дойдутун олохтоохторун харыстаан дьиэлэригэр, олбуордарын иһигэр көрүстүлэр.
Куйаар ситиминэн араас күрэхтэри ыыттылар. Ол курдук устуоруйаны сырдатар викториналар оонньоннулар, видио-аудио эҕэрдэлэри ыытыстылар, хаартысканан ким хайдах көрсүбүтүн бэйэ-бэйэҕэ көрдөрөн, кыайыылаахтары бэлиэтээтилэр.
Арыылаах нэһилиэгэ эмиэ ити хамсааһыннарга кыттыста. Албан аат пааматынньыга маайы көрсө киэргэннэ, таһырдьа бу күнү сырдатар ырыалар, кэпсэтиилэр «Тэтим» араадьыйа нөҥүө чуумпуну уһугуннарда, куйаар ситиминэн үлэлээн-хамсаан олорор тэрилтэлэрин билиһиннэрэн, «Дойду дьонунан сураҕырар» диэн фотослайданан сырдатта.
«Бары ыҥырыыны ылынан, дьиэлэрбитигэр олорон бырааһынньык долгунугар бииргэ буоллубут. Ыарыыны тохтотуһарга өйү-санааны түмэн, аны маннык хатыламматын тоһоҕолообуттуу, бар дьоннуун сөбүлэспиттии, хараҥа былыттан сааһы уруйдуу, күөх халлаантан күммүт чэмэлийэ тыкта», — диир Полина Домнина Дьааҥы улууһун Арыылааҕыттан.
This post was published on 01.05.2020 15:05 15:05