Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын тренердэрин штаба норуоттар икки ардыларынааҕы Иван Ярыгин турнирыгар ким кыттарын эттэ. Красноярскайга ыам ыйын 26-30 күннэригэр буолуоҕа. Көбүөргэ Саха сириттэн 17 бөҕөс тахсыаҕа, ол иһигэр легионердар, суруйар СИА.
Быйыл Саха сирин сүүмэрдэммин хамаандатыгар 17 тустуук киирдэ, кинилэр ортолоругар икки легионер. Хамаанда кылаабынай тренерэ Александр Оконешников састаабы билиһиннэрдэ, сэттэ ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ.
57 кг диэри Айаал Белолюбскай, Дархан Игнатьев, Петр Копылов, Федор Постников, Дьулустан Федотов, 61 кг диэри — Дмитрий Аксенов, Ньургун Александров, Петр Павлов, Айхан Антонов, 65 кг — Константин Капрынов, Айсен Потапов, 70 кг — Виктор Рассадин, 74 кг — Тимур Николаев, 92 кг — Ньургун Сергин, 97 кг — Максим Толмачев.
Кинилэри сэргэ Белоруссия хамаандатыгар киирсэн, турнирга Арыйаан Тютрин (57 кг) уонна Андрей Бекренев (61 кг) кыттыахтара. Онон Ярыгин турнирыгар Саха сирин бастыҥ тустууктарын көрүөхтэрэ.