17-с кыбаарталга саҥа дьиэ тутуохтара

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев от ыйын 31 күнүгэр нэдиэлэ саҥатыгар ыытыллар планеркаҕа 17-с кыбаарталга саҥа быстах олорор (маневренный фонд) дьиэни тутар былаан ылыллыбытын туһунан биллэрдэ.

“Хаарбах дьиэттэн быстах кэмҥэ көһөрүүгэ анаан тоҕус этээстээх дьиэ тутуохпут. Маҥнайгы этээскэ полиция пууна баар буолуоҕа. Бары тутууга сыһыаннаах куорат дьаһалтатын салаалара, бырайыактыыр докумуоннары таҥыыны саҕалыыргытыгар ыҥырабын” — диэн Евгений Григорьев эттэ.

 Егор Карпов, Саха сирэ

This post was published on 31.07.2023 14:05 14:05