16 саастаах уол массыынаттан харчыны уорууга уорбаланар

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

Алдан оройуонугар 16 саастаах уол массыынаттан харчыны уорууга уорбаланар. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ буруйу оҥорууга кини кыттыгастааҕын суһал-ирдиир тэрээһиннэри ыытан быһаардылар. Бу уол уоруунан эрдэ сууттана сылдьыбыт эбит. Билигин кинини өссө хас даҕаны буруйу оҥорууга уорбалыыллар.

Барыллаан дааннайдарынан, уол хатамматах массыыналары кэрийэн, сыаналаах малы-салы, харчыны уорар эбит.

Полиция бу эдэр киһини суут биир ыйга кэтииригэр быһаарыныы ылынарыгар сөптөөх дакаастабылы хомуйда.

Саха сирэ

This post was published on 16.09.2024 12:03 12:03