14 саастаах Сандаара Апросимова улахан дуобакка чаҕылхай оонньууну көрдөрдө

14 саастаах Сандаара Апросимова классическай дуобакка Европа чөмпүйэнээтин устуоруйатыгар бастакытын саамай эдэр чөмпүйүөн аатын ылары ситистэ. Норуоттар икки ардыларынааҕы гроссмейстер Гаврил Колесов түргэн бырагыраамаҕа чаҕылхай оонньууну көрдөрөн, кыһыл көмүс мэтээли ылла.


«Спорт Якутии» суруйарынан, 14 саастаах Сандаара Апросимова оонньуутун чөмпүйэнээт кыттыылаахтара сөҕө, астына көрбүттэр.

Саха сирин бырабыыталыстыбата, физкультура уонна спорт министиэристибэтэ, дуобат Саха сиринээҕи Федерацията, сүүмэрдэммит хамаандалары бэлэмниир Киин спортсменнары харчынан сертификаттарынан наҕараадалаата. Сертификаттары Гаврил Колесов, Сандаара Апросимова, Наталья Шестакова, тренердар Иван Павлов, Александр Азаров уонна Николай Кычкин бэҕэһээ үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттулар.

This post was published on 26.08.2021 13:01 13:01