Биир кэлим 122 линия суукканы эргиччи үлэлиир. Дьонтон кинилэри долгутар ыйытыылары төлөпүөн нөҥүө ылар.
Саамай тыын суолталаах ыйытыы — байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт дьиэ кэргэттэргэ регионнааҕы миэрэлэр. Төлөпүөн барыта истиллэр, кэпсэтии кэмигэр сибээс быһыннаҕына — оператордар хос эрийэллэр.
Мобилизация арыллыаҕыттан 122 линияҕа 20 782 киһи эрийбит.
СИА 122 линияҕа эрийэр туһунан быһаарыылаах инфорграфика оҥордо.
This post was published on 08.11.2022 13:31 13:31