Гамалея аатынан киин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр 6 — 11 саастаах оҕолорго ковидтан утары вакцинаны туруорууга клиническэй чинчийиини оҥорорго бэлэмин туһунан докумуону туттарда. Ол туһунан ТАСС тэрилтэ дириэктэрэ Александр Гинцбург этиитигэр сигэнэн суруйда.
Александр Гинцбург эппитинэн, ковиды утары вакцинация 12 — 17 саастаахтарга ахсынньы бүтүүтэ, 6 — 11 саастаахтарга — өссө икки ый буолан баран оҥоһуллуон сөп.
Гамалея аатынан киин 12 — 17 саастаах оҕолорго анаммыт Гам-КОВИД-Вак-М («Спутник М») вакцината доруобуйа харыстабылын министиэристибэтинэн сэтинньи 24 күнүгэр регистрацияланна. Икки хонугунан биэдэмистибэ салайааччыта Михаил Мурашко бастакы комплект хаачыстыба хонтуруолугар сытар, туттууга аны үс нэдиэлэнэн таһаарыллыан сөп.