Алтыс сылын үлэлиир «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагырааманан 110 тыһ тахса киһи сир ылла. Лидердарынан Приморскай уонна Хабаровскай кыраайдар, Саха сирэ буоллулар.
«Бырагыраама үлэлиир кэмигэр 110 тыһ тахса киһи сирдэннэ. Аҥардас бу сылга гектары 10 тыһ тахса киһи ылла», — диэн ТАСС-ка интервьюга Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорациятын социальнай сайдыыга генеральнай дириэктэри бастакы солбуйааччы Эльвира Нургалиева эттэ.
Сири ылааччылар улахан аҥардара (42%) дьиэ туттууга аныыллар. Иккис хайысха — тыа хаһаайыстыбата (34%), үһүс — предпринимательство (10%), салгыы — туризм бырайыактара (7%). Нургалиева эппитинэн, бырагырааманан Уһук Илиҥҥэ көһөн кэлээччилэр интэриэһиргиир буоллулар. Донбасстан куотан кэлбиттэр эмиэ ыйыталаһаллар. «Кинилэр учаастактары көрөллөр. Бу дьон туга да суох кэлбит буолан, бастатан туран, кинилэргэ докумуоннарын оҥорууга, гражданствоны ылыныыга, дьиэ сертифкатыгар, «подъемнайга» уонна үлэ булуутугар көмө барар. Саас, сири кытта үлэ саҕаланнаҕына, бу дьон учаастактары ылыылара саҕаланыаҕа», — диэтэ кини.
Дьон сирдэрин бэйэ бас билиитигэр көһөрүүлэриттэн көрдөххө, бырагыраама туһалаах. Билигин 11 тыһ тахса дуогабар түһэрсилиннэ.
This post was published on 05.12.2022 16:02 16:02