Дьокуускайга 723 №-дээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэттэрэ 100 саастаах Анастасия Афанасьева дьиэтигэр сырыттылар. Бочуоттаах кырдьаҕас киһи хаһан да быыбары көтүппэт, бэйэтин президенин иһин куоластыырыгар кыах биэрбиттэригэр махтанна.
Ол туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Анастасия Афанасьева кэпсээбитинэн, 53 устата Аллараа Халымаҕа олорбут, онно нотариус хонтуоратын арыйан үлэлэппит.
Дьокуускайга төннөн кэлэн баран, киин куорат киэркэйбитин сөҕө көрбүт. «Манна кырдьаҕастарга улахан болҕомто ууруллар, усулуобуйа тэриллэр. Социальнай харысхал олус үчүгэйдик үлэлиир. Үчүгэй дойдуга олоробут, күүстээх салайааччылардаахпыт, бары сөптөөх быыбары оҥороргутугар ыҥырабын», — диэтэ Анастасия Петровна.
Бочуоттаах быыбардааччыга өйдөбүнньүк бэлэх биэрдилэр уонна доруобуйаны баҕардылар.
This post was published on 15.03.2024 15:27 15:27