Саха сиригэр бэриллибит судаарыстыбаннай мэктиэ 1 млрд. 899 мөл. солк. кыччыырын туһунан дьаһал миниистирдэр кабинеттарын мунньаҕар от ыйын 12 күнүгэр Бырабыыталыстыба уурааҕар ылылынна.
edersaas.ru
Өрөспүүбүлүкэ үпкэ миниистирэ Валерий Жондоров: «Кредитор бааннар уонна салгын тырааныспарын федеральнай ааҕыныстыбата (Росавиация) Саха сирин Үпкэ министиэристибэтин аатыгар кредитнэй дуогабар быһыытынан, эбэһээтэлистибэ иэстээх өрүт өттүттэн толоруллубутун туоһулуур биэрэр-ылар аагы оҥорон, судаарыстыбаннай мэктиэ оригиналын төнүннэрэр уведомление киллэрдилэр», — диэн быһааран биэрдэ.
РФ Бюджетнай кодексатын 99.1 уонна 115 ыстатыйатыгар олоҕуран, судаарыстыбаннай мэктиэннэн хааччыллыбыт эбэһээтэлистибэ толору кээмэйинэн толоруллан, болдьоҕо аастаҕына ыйыллыбыт эбэһээтэлистибэ бүтэн, нормативнай правовой акт оҥоһуллан, эрэгийиэн судаарыстыбаннай иэһиттэн төлөрүйэр.
Оччотугар өрөспүүбүлүкэ иэһиттэн судаарыстыбаннай мэктиэ сотуллан, 1 млрд. 899 мөл. солк. диэри суумалаах иэс кыччыыр.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru