Дьокуускайга «Триумф» спортивнай бэлэмниир киин базатыгар COVID-19 утары үлэҕэ эбии амбулаторнай киин үлэтин саҕалаата. Манна бигэргэтиллибит уонна бигэргитиллибэтэх анаалыстаахтарга туһунан кабинеттар үлэлиэхтэрэ, ону таһынан балыыһа бүлүтүөнүн оҥотторуохха син. Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, сарсыардаттан медиктэр 1160 киһини көрдүлэр, диэн СИА кэпсиир.
Сарсыарда аҕыс чаастан COVID-19 утары эбии амбулаторнай киин үлэтин саҕалаата. Манна барыта 175 киһи үлэлиир, мантан 40-нэ быраас идэлээхтэр, 60 орто мэдэссиинэ персонала уонна атын-алын мэдэссиинэ үлэһиттэрэ уонна волонтердар үлэлииллэр. Триумфка баар киин дьону икки сменанан көрүөҕэ. Сарсыарда 8- тан 14-00 чааска диэри уонна эбиэттэн киэһэ 14:00- 20:00 чааска диэри үлэлиэҕэ. Бастакы үлэ күнүгэр быраастар 1160 киһини көрдүлэр: олортон 200 киһиэхэ COVID-19 диагноз туруоруллубут, 300-гэр ОРВИ диагнозтаах . Атыттар — экспресс- тестэрин босхо туттараары кэлбиттэр.
This post was published on 27.01.2022 18:15 18:15